Page 168 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 168
Үөрэх дьиэтэ тутуллан,
О50 аймах күннээбит,
Оонньуу-күлүү дэлэйбит...
Айан суолун таһыгар
Ааҕар балаҕан тутуллан,
Араас хоһун нһигэр
Арыл-дыргыл тардыллан,
Олох, ыскаап хайдыаҕынан,
Остуол атаҕа уйуоҕунан
Кинигэ, сурунаал элбээбит,
Кэрэ-дьикти дэлэйбит.
Сайаҕас үтүө санаалаах,
Сайдан тахсар саргылаах,
Эгил-тэгил улааппыт
Эдэр чэгиэн ыччаппыт
Кэрэ үөрэҕи билээри
Кинигэ тылын кичэйбит,
Сонун нуомаһы булаары
Сурунаал иһин арыйбыт...
Олохтоох дьону хомуйан,
Оонньуу-күлүү арыйан,
Көҥүл, сынньалаҥ күннэргэ
Күлүү-оонньуу тэрийбит,
Ыпсар-түмсэр кэмнэргэ
Ырыа-тойук дьиэрэйбит...
Ыксал-тиэтэл сырыылаах,
Ылар-биэрэр наадалаах
Сүүрдэн кэлэр ааныгар,
Сүрүн айан суолугар,
Табаар-таҥас тарҕатар
Лааппы дьиэтэ дьэндэйбит.
Сибэкки-дьэрэкээн ойуулаах
Сиидэс, сатыын тэнийбит,
154

