Page 175 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 175

Бары  тэҥҥэ  бараннар,
                 Баһан  ылан  уураннар,
                 Муспут  оту  барытын,
                 Бугул  оҥорон  барбыттар...
                 Сыалаах-эттээх  оҕуска
                 Сыарҕа  булан  көлүйэн,
                 Буойун  күүстээх  Ньукууска
                 Бугулу  түөрэ силэйэн,
                 Угаайы  оту  тиэйэрин,
                 Умнаан  сотой  биэрэрин
                 Кыыстаах  уола  кэлэннэр,
                 Кыбыы  диэки  илпиттэр.
                 Быһыы-таһаа  быгдайбыт,
                 Былатыан  уола  обургу
                 Кыбыыга  кэлбит  бугулу
                 Кыдама  үрдүгэр  түһэрэн,
                 Турук  оту  кэбиһэн,
                 Тула  көтөн  чочуйбут...
                 Бурдук  аһа  сарайан,
                 Буһан-хатан  хаҥкыйан,
                 Арыы  курдук  саһарбыт,
                 Алаас  үрдэ  унаарбыт.
                 Эгил-тэгил  улааппыт
                 Эдэр  чэгиэн  ыччаттар
                 Сиэлэн-хааман  кэлэннэр,
                 Сиэрпэ  биитинэн  түһэннэр,
                 «Түрдүр-түрдүр»  быспыттар,
                 Түүтэх  оҥорон  баайбыттар.
                 Унаар-мэнээр  уорҕалаах
                 Уолба  сыһыы  иһиттэн
                 Маҥаас  аты  сайыалаан,
                  Маҥан  акка  пааралаан,
                  Быһар  сэпкэ  көлүйэн,
                  Былаһын  тула  эргитэн,
     О   Заказ  Ла  236    161
   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179   180