Page 18 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 18
Илинтэн, арбааттан Сибиири эргитэн,
Суруктаах уот кыһыл луосуну тарпыппыт.
Дьон-норуот иннигэр ырыаны ньиргитэн,
Үөрүүлээх-көтүүлээх миитини аспыппыт.
Кый-бырах үргүбүт сүөһүнү үмүөрэн,
Өтөҕүн далыгар сылбахха хаайбыппыт.
Күөх хонуу күөнүгэр бурдугу үүннэрэн,
Сиҥнибит бүтэйи туруоран саппыппыт.
«Саҥалыы сайдыылаах 0Л05У тутарга,
Түргэнник, ыл кэлиҥ, барыадыҥ»,— диэбиппит.
Күн-көмүс дьуолкалаах, далаһа уурарга
Сүгэлээх, эрбиилээх сүүрүүнэн кэлбиппит.
Көрбүтү-сөхпүтү, илиитэ чэрдээҕи,
«Чэ тугуй?»— дэтэммит, туруору тарпыппыт.
Илиитин тиэринэн үлэлиэх эрдээҕи,
Бараакка туруоран, ырыанан барбыппыт.
Коммунист партия салайар суолунан
Улаатан, уон биэстээх сааспытын туоллубут.
Кылбаҥныыр-тырымныыр сулуспут уотунан
Ыччаты инники ыҥыран бардыбыт.
Күөкэгэр кириэстээх, көй албын сиэркибэ
Оннугар сып-сырдык оскуола аспыппыт.
Дьоннору ыҥыран, көстүүлээх миэстэҕэ
Көмүстүү суруктаах биллэрии саайбыппыт.
САЙЫЛ ЫКПАР
«Аан Чаҥый» сайылыгым
Аҥааттар сыһыыта нэлэһийдэ.
Кылбаарар үрдүк кырдалым
Кырпай күөҕүнэн чэлгиһийдэ.
12

