Page 23 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 23

АСПААЛ  УОРҔАТЫН  КИЛЭТИЭХ
                   (Петр  Иванович  Ларионовка)
             Сыҥ  ойуур  тайҕаны  мээрэйдээн,
             Сул  маҥан  дьуолкапы  аспыппыт,
             Тэбис-тэҥ  дьааманы  кээмэйдээн,
             Киэҥ  Бэстээх  буор  суолун  тэлбиппит.
             Сүүһүнэн  норуоту  күүс  тардан,
             Тоҕута  олуктаан  барбыппыт,
             Томточчу  симиилээх  буор  кутан,
             Көнөтүк  ыллыктыы  тыырбыппыт.
             Киэҥ  Бэстээх  суолун  бүтэрэн
             Бу  бүгүн  массыына  ыыттыбыт,
             Кыайыылаах  бар  дьону  күн  үөрдэн,
             Көмүстээх  суругу  ыллыбыт.
             Таптыыбын  Бүөтүрү  эйигин,
             Дьиҥ  күүстээх  бассабыык  буолбуккун,
             Үлэҕэ  эрэллээх  илиигин:
             «Бу  бэлэм  баарбын»,— диэи  ууммуккун.
             Дьэ,  эмиэ  биһиги  тахсаммыт
             Куруутун  бу  суолу  кэҥэтиэх,
             Ууллубут  күөх  тааһы  кутаммыт
             Аспааллаан  уорҕатын  килэтиэх.
             Ол  саҥа  кэм  кэлэр  ааппытын
             Кэскиллээх  киэҥ  ыччат  сураһыа!
             Күүрээннээх  бу  үүнэр  сааспытын
             Сир  ньуура  киэркэйэн  туоһулуо!
             1934  с.
                       СУОЛЛА  СОЛОС!
                  Сүөдэккэ  оҕонньор  эрдэ  турсан,
                  Сүгэтин  сытыытык  буруустаата.
                  Ленаттан  Аммаҕа  суол  тэлсэн,
                  Тииттэри  кэрдэн  барчалаата.
                              17
   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28