Page 191 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 191
Сидьиҥнэри сиппийиэхпин,
Кыырай маҥан халлаан
Кырсынан күөрэҥнээн,
Кылбаҥнаа эрэ, кылыһыам,
Кылааннаах доҕоччугуом!
1941 с. От ыйа
АНДАҔАР
Ээй,
Дьэ эрэ, күүһү-уоҕу түмүөх!
Дьэ эрэ, тутта-хапта түһүөх!
Буулдьа-толон улуйан
Буурҕа курдук ытаата,
Олох-дьаһах барчаланан
Урусхал курдук кумаланна...
Истиҥ эрэ!
Эр биллэр
Эриирдээх кэмнэрэ
Элиэ кыыллыы
Элиэтэһэн кэллилэр;
Сор туолар
Суостаах күннэрэ
Хара суордуу
Халаатаһан түстүлэр...
Билэбит ол хантан кэлбитин,
Билэбит ол туохтан буолбутун!
Хараҥа дьайыҥнаах
Капитал сириттэн
Хаанымсах фашист,
Харытын тиэринэн,
Дьол сырдык бу сирин,
Дьол-соргу биһигин
Боруогун үрдүнэн
Болуоннаһа атыллаата...
177

