Page 190 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 190

Лча  от  анньылыннын!
                      Ыраастаан  барбыт
                     Ыллыгыҥ  устун
                     Ыра-төлкө  сэлэлээтин,
                      Ырыа-тойук  батыстын!..
                     Ол  курдук,
                     Оҕолоотор  050м,
                     Орой-буурай  оонньуулаах,
                     Уһуктаах  кылыһыам!
                     Саастааххын  сайылаан
                     Санда5алаах  санныгар
                     Саргыгын  көтөҕөн,
                     Сайылыгыҥ  хочотугар
                     Салаллан  кэлээр!

                     Кырдьаҕастыын,
                     Эдэрдиин,
                     Кыргыттардыын,
                     Уолаттардыын
                     Өргөһүҥ  урдүттэн
                     Өһөххүн  сотуохпут,
                     Кылааннаах  биигиттэн
                     Кыа-хааҥҥын  сууйуохпут.
                     Айхаллыы-айхаллыы,
                     Алдаммыт  көмүһүнэн
                     Албан  ааккын  суруйуохпут,
                     Сэлэлии-сэлэлии,
                     Сир  Ийэ  уор5атын
                     Сиэдэрэй  сибэккитинэн
                     Симах  баайыахпыт!
                     Чэй  эрэ,
                     Эйигинэн  дапсыырданан,
                     Ийэ  дугуй  буор  дойдуну
                     Сиксигинэн  эргичийэн,
                     Сир  Ийэ  сирэйиттэн
                              176
   185   186   187   188   189   190   191   192   193   194   195