Page 195 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 195
Эрнирдээх кэмэ дьэ кэллэ!
Тутуулаах тутуутун көрдөрвр
Туһааннаах күнэ дьэ үуннэ!
Дьэ эрэ,
Кыптыыйдаах, кыптыыйгын
Түргэнник кыбырҕат!
Дьэ эрэ,
Хотуурдаах, хотуургун
Сытыылаан кылбаҥнат!
Дьэ эрэ,
Биир бэйэҥ биэс буол,
Дэбилий эрэ, баай-дуол!
Ким көрөн туруой,
Ким тутах туттуой?!
Ким
Үрүҥ күммүт
Өлбөөрдүн диэй?!
Ким
Кэрэ кэскилбит
Кэҕиннин диэй?!
Ким
Куораппыт, селобут
Хоруордун диэй?!
Ким
Оруосканан таһыллан
Оҕустуу көлүллүөх диэй?!
Ким
Төрөөбүт сирбит
Түрмэ буоллун диэй?!
Ким
Ыллыыр оннугар
Ытыах-соҥуох диэй?!
Суох!
Суох!
181

