Page 27 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 27
Талааны баһылааһын,
Кинитэ суох -
Эн сатаан олорбот буоллаххына,
Эйигинэ суох -
Кини кыайан олорбот буоллаҕына,
Дьиҥ таптал үөскүүр,
Дьиҥ талаан тахсар.
Биир санаанан тыыныы,
Биир үөрүүнэн кынаттаныы,
Бииргэ хомойуу, бииргэ курутуйуу,
Бэйэ алҕастарын аһаҕастык туоратыы -
Таптал ирдэбиллэрэ, таптал
көрдөбүллэрэ.
Санааҕытын түһэримэҥ -
сааһырбыт кыргыттар,
Таптыыр дьоҕуру сүтэримэҥ -
бу, кырдьык, сорсуйуу...
13.03.78. Благодать д.
25

