Page 30 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 30
* * *
Эн дьиэҕиттэн тахсыбытым
улаханнык дууһалыын долгуйан,
тохсунньу тымныытын умнаммын
суол устун испитим - сонум нэлэккэй...
Туманнаах кыһыҥҥы халлаан,
санааабар, эбии ыаһырбыт курдуга.
Уулуссаҕа көрсүбүт дьоннор
туораан биэрэллэрэ
миигиттэн - холуочук дии санааннар...
Ис-испиттэн итийэн, көлөһүнүм тахсан,
эн саҥаҕын өйбөр хатылыырым:
"Аны бу хоско кииримэ,
умун, кэлэ эрэ сатаама!
Таптаабыт эбит да буоллаххына,
Мин эйигин билбэппин!"
О, хаҕыс тыллар, кытаанах тыллар -
тымырым устун сүүрбүттэрэ:
чиргэл маһы кумалыыр чаҕылҕан
дапсыарынан,
тоһуттар тымныыга эппит этиҥ
ньиргиэринэн...
Быраһаай, мин кутурҕан тапталым,
быраһаай, мин эрэлим,
Бу Ийэ сиргэ уол оҕо төрөөммүн
Биллэҕим - Таптал киэр тэбиитин!
1984 сыл.
28

