Page 31 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 31

ЭН  ДАҔАЙБЫ Т
              ХАТЫҤҤЫН ТуЛАЛЫ Ы

               Эн  суоххар -
               Эйигинниин  кэпсэтиэхпин  баҕарабын,
               Эн  бааргар -
               Эйигин  саҥата  суох  истиэхпин,
               Эн  миигин  абылыыр  күүстээххин...

               Эн  саҥаҕын  -
               Айылҕа  кэрэ суугунугар тэҥниибин,
               Эн  хаамыыгын  -
               Кыталык үҥкүүтүгэр дьүөрэлиибин,
               Эн  оннук  нарыҥҥын,  эн  оннук  кэрэҕин...

               Эн турбут сиргэр -
               Сардааналар тыллаллар,
               Эн  көрбүт сиргэр  -
               Ньургуһуннар  нуоҕайаллар,
               Эн даҕайбыт хатыҥҥын тулалыы  -
               Тохтоло суох  күөрэгэйдэр туойаллар...
               Мин  ырыам,  мин дьолум  -   Эн  буолаҕын.

               20.10.79  сыл.
























                                                          29
   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35   36