Page 73 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 73
ТАПТАЛЫ М БЫ ТААННЫ К
умнуллуо
Чэ, баҕардар миигин таптаама,
Хоһооннорбун да ааҕыма -
Сыл-хонук түргэнник ааһыаҕа,
Тапталым, бытааннык умнуллуо...
Долгуйа мин ахтан ылыаҕым
Эйигинниин билсибит күммүн -
Курустук сонньуйан ылыаҕым
Аан бастаан хаамсыбыт киэһэбин...
Күһүнү кыһын солбуйуоҕа -
Сааскыны сайын кууһуоҕа,
Эйиэхэ анаабыт ырыабын
Хатылыа эдэр сүрэх өрүүтүн.
21.01.83 сыл.
72

