Page 74 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 74

ДЬАХТАР ЭТИ И ТЭ ХАҺ А Н
                      СЫ АН АЛ АН Ы АЙ ?

             Куоталаһа-куоталаһа  историяны  суруйаллар...
             Киэн тутта  сэрииһиттэри  арбыыллар,
             Хас тулаайах хаалбыт түспүт сулустуу умнуллар -
             Харахтарын  уута  былыттарга  кубулуйар...
             Кэскили  ууһатар дьахталлар барахсаттар
             Килбик саҥалара  салгыҥҥа  ыйанар,
             Кинилэр эйэҕэ  ис дууһаларыттан дьулуурдарын
             Тоҕо эрэ,  историктар тумналлар  ырааҕынан.

             Доҕордоһуу,  Ыраас Таптал  иһин  олорбуттар,
             Дьоҥҥо үйэлээх дьолу бу олоххо  баҕарбыттар
             Дьэ,  хаһан,  болҕомтоҕо  ылыллыахтарай  -
             Дьахтар этиитэ сыаналанар буолуоҕай?

             18.03.98.  Москва,  Черепково.































       7 2
   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79