Page 149 - Иван Мигалкин Күн таммаҕын ыһыспыт дьылҕалар
P. 149

Потапованы күн сириттэн сүтэриитэ сүрэҕэр төһөлөөх ыар
      охсуулаах  буолта  буолуой?!
         Олох  охсууларын  бары  очурдарын  дьүккүөрдээх  үлэ-
      тинэн  кыайбыт  поэт  Василий  Васильевич  Саввин  “Мин
      кистэлэҥим”  диэн  бастакы  бу  кинигэтиттэн  21  сыл  устата
      соруйан умнууга  сырытыннарбыттарын кэнниттэн таһаат-
      тарбыт  “Үрүччэ  сүүрүгэ”  итиэннэ  бу  күннэргэ  “Бичик”
      национальнай кинигэ кыһатыгар М.В.Мигалкина редактор-
      дааһынынан  тахсан  эрэр  “Ыра—ырыам  ымыыта”  диэн
      талыллыбыт  айымньылара  саха  поэзиятыгар  кэрэ-бэлиэ
      суолу  хаалларалларыгар  улахан  эрэл  баар.  Баһылай  кэр-
      гэнэ  Варя  Потапова  кинигэтин  17  сыл  устата  таһаарбакка
      сылдьыбыттара.  Онтон  “Үчүгэйиэн  бу сиргэ”  диэн  ааттаан
      Варя  Потапова  иккис  кинигэтин  түмэн,  онорон  таһаар-
      быттара.  Онно,  сорох  дьон  буруйунан  Баһылай  21  хоһооно
      киирэн  хаалбыт  этэ.  Онон  “Үчүгэйиэн  бу  сиргэ”  кинигэни
      Варя Потапова уонна Василий Саввин кинигэлэрин быһыы-
      тынан  көрүөххэ  сөп.
                                                       1998  сыл


       ЮБИЛЕЙЫГАР  ЭТИЛЛИБЭТЭХ  ИҺИРЭХ  ТЫЛ
         Күндү  Баһылай  Баһылайабыс,  Эн  бүгүн  үөрэн-көтөн
      олоронҥун  60  сааскын  туолуугун,  Суруйааччылар  союз-
      тарыгар  ылыллыбыккын  итиэннэ  үһүс  кинигэҥ  тахсыы-
      тын  бэлиэтиир  “Поэзия  киэһэтигэр”  кэлэн  олорорбуттан
      үөрэбин.  Үөрэбин  —•  биирдэ  бэриллэр  Олоххо  Эн  хоһоон-
      норуҥ,  Эн  ырыаларын  үйэ-саас  тухары  саха  поэзиятыгар
      туһунан арылыйа  угуйар ыллыктаах,  туспа суоллаах-иис-
      тээх,  бэлиэ  буочардаах  хаалбыттарыттан.
         Бүгүҥнү  киэһэҕэ  Эн  ааккар  кэрэ-бэлиэ  эҕэрдэлэр  эти-
      линнилэр.  Бэл  диэтэр  “Сүдү  поэт”  диэн  тыл  туттулунна.
      Ити  гынан  баран,  Эн  поэт дууһалаах,  айылҕаттан  талаан-
      наах  лирик  буоларгынан,  онно  суох  аһара  дарбатыыны
      искэр  сөбүлээбэтэх  буолуохтааххын...  Эн  сэмэй  майгыгын
      билэрим  бэрдиттэн  итини  этэбин.  Киһи  хомолтолоох  да,
      үөрүүлээх да түгэнигэр, сирэй көрбөхтөр, киһини аһыммат
      тыйыс  сүрэхтээхтэр  эрэ  киһини  аһара  түһэрэр,  биитэр
      аһара хайгыыр идэлээхтэр. Хайҕал да араастаах, хайгыах-
      тара  —-  бар-дьоҥҥо  бэрт  буолан  көстөөрү,  түгэнинэн  ту-
      һанан  тус  бэйэлэрин  иннилэригэр  далаһа  уурунаарылар.
         Ханнык  да  суруйааччы,  ааҕааччы  киэҥ  эйгэтигэр  суо-
      лун  тобулан  эрэллээхтик  тахсыытыгар,  кинини  тулалыыр
      чугас  дьоннор  улахан  суолтаны  ылаллар.
         Күндү Баһылай  Баһылайабыс,  Эйигин  кытта  үйэ  чиэп-
     ^ _______
                                145
      10  Заказ  №   26
   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154