Page 106 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 106

диэн өссө да тылла, күөҕүнэн симэнэ илик хатыҥнар, тииттэр ыар
        кутурҕантан  эрдэлээн,  халыҥ  хаардарын  тэбэннилэр...  Харах
        уутун аһыы таммаҕын түһэрэн ытаата Аар Айылҕабыт:
                         Өлөр аналлаах тапталын хаһан
                         Үйэтэ туолан умуллар кэмин
                         Айманар дууһам да, ону ааһан
                         Айылгы да этиэҕин билбэппин.
                         Эмиэ күөрэйдэ сырдык эрэлбит,
                         Эмиэ көҕөрүө чэлгийэр саадпыт.
                         Өлүү араартаабат биһигини —
                         Өлөн баран тиллиэм хоһооннорбор.
                         Суола суох арай сүтэллэр ини
                         Суругу билбэт тыла суох дьоннор, —
        диэн  Сэмэн  Тиитэбис  улуу  Шекспири  сахалыы  саҥардыбыта.
        154 сонеттан биирдэстэригэр:
                         Эн түөскэр тэбиэлииргэ дылылар
                         Ииҥҥэ сытар дьонум сүрэхтэрэ,
                         Кэрэ сирэйгэр көстөр курдуктар
                         Кинилэр өлбөөрбөт дьүһүннэрэ.

                         Уҥуохтарын үөһэ туран эрэн
                         Оҥторон ахан биэрбитим бэрдэ,
                         Хата ону дьылҕам төнүннэрэн
                         Хаттаан бу сиргэ көрүһүннэрдэ.
                         Билэр, таптыыр дьонум мөссүөннэрэ
                         Билигин эйиэхэ мустубуттар,
                         Урут мин биэрбит тапталбын үөрэ
                         Олоччу эйиэхэ туттарбьҥтар.
                         Сөбүлүүр дьоммун булбут буоламмын
                         Сүрэхпин эйиэхэ туттарабын,
           Билэр,  билбэт  дьонугар  наар  үтүөнү  эрэ  түстүүр  тыгыалас,
        тырымнас  сылаас  сүрэҕин  Сэмэн  Тиитэбис  барыбытыгар  хаал-
        ларан,  бу  олохтон  букатыннаахтык  арахсан,  таптала,  олоҕун
        истиҥ доҕоро  Мария  Спиридоновна  баар  дойдутугар дьоһуннук
        ыраах айаҥҥа турунна.
           Тус  бэйэм,  адьас  оҕо  сааспыттан  саха  литературатын  Аал
        Луук Маһын хас биирдии модун лабааларын кэрэхсии, киэн тутта
        көрөн  улааппытым.  Сыл-хонук  ааһан  истэҕин  ахсын,  бу  лабаа-
        лартан  бииртэн  биир  тостон,  сүрэхпэр-дууһабар  ааһан  биэрбэт
        бүтэй бааһы хааллардылар.  Туоххаһыйа суохтуубун:  айар үлэҕэ
        литературнай  аҕабын  Семен  Даниловы,  эн-мин  дэһиспит  Нико-
        102
   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111