Page 203 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 203
сылдьыбыппыт. Онно кэлэр этэ. Аҕата албүтүн кэннэ, педтех-
никумҥа киирэн үөрэнэ сырытгаҕына, эдьиийэ Лариса кии-
рэн киниэхэ олорбут этэ. Сүрдээх спортивнай көрүҥнээх,
«Живая педагогическая ветвь А.Е.Кулаковского» диэн АП.Око-
нешникова кинигэтигэр баар хаартыскатын курдук, оруобу-
на итинник дьүһүннээх киһи этэ. Кып-кыһыл ыраас хаан-
наах этэ. Наһаа талааннааҕа. Балалайкаҕа, мандолинаҕа, ги-
тараҕа оонньуу олорорун өйдүүбүн.
Онтон Раиса диэн саамай кыра кыыстара этэ. Мин өйдүүр-
бүнэн, арааһа, кыһын муҥха саҕанааҕы кэм быһыылаах, Би-
һиэхэ таһырдьа, иһирдьэ киһи бөҕө мустубут этэ. Оһох та-
һыгар кыһыл клетка платьелаах, оҕуруолаах этэрбэстээх үчү-
гэйкээн баҕайы кыыс турар эбит. Онно миигин сиэтэн илдьэн
билиһиннэрбитгэрин өйдүүбүн, «Бу эн эдьиийиҥ, Ариша»,
— диэбиттэрэ. Кинини бары «Ариша» диэн ыҥыраллара. Он-
тон кэнники сылларга эдьиийим биһиэхэ киирэн олорбута.
Ол олорон, арай биирдэ көрбүтүм хаанынан силлии турар
эбит. «Айаххытган хаан кэллэ дуо?» — диэбиппэр: «Айдаа-
рыма, дьоҥҥо этимэ», — диэбитэ. Онно кини сэлликтээн
сылдьар эбит. Оччолорго уон биэс саастааҕа, оскуолаҕа үөрэнэ
сылдьар этэ.
Өссө биири өйдүүбүн. Мин дьонум бырааппын илдьэ ыал-
га барбыггар быһыылаах этэ. Биһиэхэ өссө Новгородова Таня
диэн СПТУ-га үөрэнэр кыыс олорбута, дьонум дьону олор-
дор идэлээх этилэр. Мин соҕотоҕун эдьиийдэрбин кьггга хаал-
быппын. Киэһэ эдьиийдээхпэр Шелковникова Татьяна Ми-
хайловна диэн кыыс хоно кэллэ. Онно арай кэпсэтэллэр,
мин кыра оҕо интэриэһиргиир буоллаҕым дии, аттыларыгар
баран олоробун, иһиллиибин, ону «улахан дьон кэпсэтиитин
истимэ» диэн үүрдүлэр. Ширма диэн баар этэ оччолорго, үрдүк
иэччэхтээх, таҥаһынан бүрүллэр. Ол таҥаһа алдьаммытынан
орон анньҥар сыыллан киирэн иһиллээтим. Ол кыыска бу
уол суруйбут диэн кэпсэтэллэр, туох да миэхэ интэриэһи-
нэйэ суох эбит. Инньэ гынан орон анныгар утуйан хаалбып-
пын. Утуйан муннум тыаһаабьггьптан кугганан эдьиийим уҥан
хаалбыт, сүрэҕэ куһаҕан эбит. Ону Таня Новгородова миигин
булан, тутан таһаарбыта. «Бу кыыс киирэн, эдьиийин кутгаан,
соһутта», — диэн мөхпүттэрин өйдүүбүн. Онтон эһиилгити-
гэр дойдутугар тахсан, ыалдьан өлөн хаалбыта.
Саамай билсибитим, үчүгэйдик өйдүүрүм убайым Реас
буолар. Кыра эрдэҕинэ кинини дьоно мин дьоммор аҕалан
ииттэрбиттэр. Хос эһэбэр уонна эбэбэр Таня эмээхсин диэн
огдообоҕо. Кэргэнэ эрдэ баҕайы өлбүт. Мин эһэм эмиэ үөрэх-
тээх киһи үһү. Нэһилиэк суруксута эбит. Сүрдээҕин бил-
201

