Page 205 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 205

лээбит  киһи.  Хоту  дойдуттан,  кини  онно  улахан  далбарга
        сылдьыбыта үһү, көҥүл түүлээҕи, балыгы таһан ааттаах баай
        киһи  буолуох  этэ. Ону кини норуотун туһугар эрэ олорбута.
        Оннооҕор оҕотун-уруутун быраҕан туран, Саха сирин бүтүшгүү
        кэрийэн,  аҥаардас  сахатын  норуота  сайдарын,  атын  цивили-
        зацияҕа холбоһорун, бэйэтин норуота атын норуоттары къгг-
        та  тэҥнээх  буоларын  туһугар  туох  баар  олоҕун  бүтүннүү
        биэрбитэ, охсуспута дии саныыбын.
           Иккис санаам, мин Өксүкүлээх эрдэ өлбүтэ киниэхэ бэйэ-
        тигэр үчүгэй эбит диибин.  Алампаны кытта хаайыллыан сөп
        этэ.  Аммосовтаах,  Ойуунускай  быыһаан  хааллардахтарына
        даҕаны, 1938 сыллаахха саамай улахан идеологтара кини ааты-
        ран,  улахан  ыар  буруйу  сүгүө  этэ  дии  саныыбын.  Өлүөн
        иннинэ  сыаналанан,  норуотум  миигин  сыаналаата  диэн  са-
        наалаах  барбыт  буолуохтаах.  Кини  бастакы  кинигэтэ  тахсар,
        аан  маҥнай  үлэтэ  сыаналанар,  үлэлээбитэ  25  сылын  улахан-
        нык  үбүлүөйдүүллэр,  норуотугар  үтүөтүн-өҥөтүн  бары  ах-
        таллар,  сыанабыл  биэрэллэр,  өйдүүллэр.  Ол  барыта  киниэхэ
        үчүгэй этэ. Оҕолоро оччолорго бары тыыннаахтар, оҕолорум
        үчүгэй  олохтонуохтара,  учүгэй  былаас  кэллэ,  үчүгэй  илиигэ
        киирдилэр  диэн  ол  дойдуга  адьас  үөрэн-көтөн  чэпчэки  са-
        наалаах барбыт буолуохтаах. Ону сорохтор: «1938 сылга диэри
        суруйбута  буоллар  өссө  элбэҕи  хаалларыа,  оҥоруо  этэ»,  —
        дииллэр.  Мин  санаабар,  хааччахтаах  кэмҥэ  сатаан  суруйуо
        суох этэ. Бу суруйбута сыыһа, ону суруйбута куһаҕан, маны
        куһаҕаннык  оҥорбуг,  ону  куһаҕаннык  оҥорбут  аатырыа  этэ.
        Ол  кэмҥэ  үлэлээн  да  хааччахтанан,  үөҕүллэн-мөҕүллэн  тугу
        да туһаныа суох этэ дии саныыбын.
           Өксөкүлээх  сиэннэрэ  бары  сүрдээх  үлэһит  дьон.  Раиса
        Реасовнаҕа  Суотту  музейыгар  сырыттым.  Наһаа  улахан  мах-
        талбын  тиэрдэбин.  Сөхгүм  уонна  махтайдым.  Сүрдээх  үлэ
        үлэлэммит! Балтыбьга олус убаастыыллар эбит, наһаа үөрдүм.
        Бэйэни  дьаһаныы  диэн  онно  баар  эбит.  Бэйэлэрин  бэйэлэ-
        рэ  тэринэн,  хааччынан,  дьаһанан  олороллор  эбит.  Оҕуруот-
        тара, сылгылара, аны туох да элбэх атыылара-тутуулара диэн
        эбит. Мин оҕом үлэтинэн-хамнаһынан дуоһуйдум.
           Атос Реасович сааһын тухары, түөрт уон сыл үөрэҕириитэ
        үлэлээтэ.  Рива  Реасовна  эмиэ  дойдутугар  наһаа  авторитет-
        таах,  сүрдээх  үчүгэй  үлэһит.  Людмила  Реасовна  билигин
        эһэтин  хасыһан  үөрэтэн,  таһааран,  көтөҕөн  эрэр.  Онно  эмиэ
        наһаа махганабын. Итинник оҕолорум өссө да күүскэ үлэлиэх-
        тэрэ диэн эрэнэбин.



                                                              203
   200   201   202   203   204   205   206   207   208   209   210