Page 207 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 207

Үлэһит  буолан  баран,  кинилэр  кырдьар  саастарыгар  бииргэ
          олорор  дьолго  тиксибит  эбиппин  диэн  билигин  өйдүүбүн
          уонна саамай дьоллоох кэмнэрбинэн ааҕабын.
            Киэһэ маҕаһыынынан эргийэн дьиэбэр кэлэбин. Ааны хай-
          аан да аҕам аһар уонна: «Оо, оҕом сыыһа эмиэ сүгэн-көтөҕөн
          кэлээхтээтэ», — диир. Төрдүөн: ийэм, аҕам, оҕом Алешауонна
          мин наһаа үчүгэйдик кэпсэтэ-кэпсэтэ аһыыбьгг. Онтон киэһэ
          аҕам телевизор көрө-көрө киинэни барьггьга ийэбэр тылбааста-
          ан биэрэр. Сороҕор хаартыльгыллар, аҕам ийэбин дьээбэлээн
          дэлби  балыйар  уонна  иккиэн  күл  да  күл  буолаллар.  Эбэтэр
          былыргыларын санаан, ааспыт күннэрин-дьылларын, тумаҥҥа
          көппүт чугас дьоннорун саныыллар, ахталлар. Күнүһүн аҕам
          наар  үлэлиир-суруйар  уонна  машинкатыгар  бэйэтэ  бэчээтги-
          ир, ааҕар. Ийэм иистэнэр. Иккиэн биһигини кэтэһэллэр, кэл-
          бит ыалдьыттары кытга кэпсэтэллэр. Ол быыһыгар, умнуллу-
          бат, өйтөн сүппэт ис дууһатган кэпсэтиилэр бааллара. Оҕолор,
          сиэннэр даҕапы туох эрэ ситиһиилээх, эбэтэр туохха эрэ му-
          наарар буоллахтарьпга, аҕабар кэлэллэр. Сонун барыта бастаан
          аҕабар кэпсэнэрэ. Оттон билигин бары ийэбит тула тоҕуоруһа-
          бьгг, кинини эрэ үөрдэ сырытгарбыт диэн кыһаллабыт.
            Аҕам, кырдьык, эдьиийим Мила суруйбутун курдук, куру-
          утун  үөрэ-көтө  эрэ  сылдьар  киһи  буолбатах  этэ.  Кини  атын,
          дириҥ өйдөөх, чараас тириилээх дьон курдук, олох араас ох-
          сууларын,  түһүүтүн-тахсыытын  олус  чугастык  ылынара,  ба-
          рытын сүрэҕин ортотунан ыытар этэ. Ол гынан баран, дьиҥ-
          нээх аристократтары суруйалларыныы, бэйэтин ис дууһатын,
          санаа оонньуутун таһыгар көрдөрбөккө дьулуһара.
             Быйыл сайын дойдубар, Саха сиригэр, бара сьщцьан сүр-
          дээҕин  убаастыыр,  санаатын  кэтэһэр  киһим,  философ  Вик-
          тор  Данилович  Михайлов  «Конфуций  уонна  Өксөкүлээх  фи-
          лософиялара»  диэн  «төгүрүк  остуол»  ыыппытын  истэн  ба-
          ран,  сүрдээҕин  сэҥээрдим.  Тоҕо  диэтэххэ,  мин  кытай  улуу
          бөлүһүөгэ  биһиги  эрабыт  буолуо  500  сыл  иннинэ  төрөөн,
          олорон ааспыт Конфуцийы ааҕа ааҕабын аҕам хайдах олорон
          кэлбитэ, олоҕу хайдах өйдүүрэ оруобуна бу кинигэҕэ сурул-
          ла  сылдьар,  кинини  кытта  олус  дьүөрэлии  дии  саныырым.
          Аҕам  олоҕун  философията  бу  дьиҥнээх  саха  норуотун  муу-
          дараһа дуу, улуу үөрэх сабыдыала дуу (биһиэхэ дьиэбитигэр
          былыргы  кыра  баҕайы  «Китайские  мудрости»  диэн  Конфу-
          ций кинигэтэ баара) диэн өйдүү сатыыбын.
            Аҕам былыргы сахалары олус суохтуур этэ уонна кинилэр
          айылҕатган  мындыр,  сүрдээх  ис-истэриттэн  интеллигентнэй,
          сир  түннүктэрэ  дьон  буоллаллар  этэ  диэн  кэпсиирэ.  Ону
          эмиэ бэйэтин айымнььшарыгар суруйан хаалларбыта.
                                                                205
   202   203   204   205   206   207   208   209   210   211   212