Page 204 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 204
лэн-көстөн иһэн, эдэр сааһыгар, баара суоҕа сүүрбэ алтаты-
гар сэбиргэхтэтэн өлөөхтөөбүт. Чурапчы оскуолатыгар по-
печитель буола сылдьыбыт үһү. Онтон ыла эбэм эрэйдээх,
эргэ барбакка, хотунун, тойонун кытга өрүү бииргэ олорбут.
Хос эһэм 1922 сыллаахха, эбэм 1923 сыллаахха өлөллөр. Реас
хос эһэбин «эһэм», эбэбин «ийэм» диэн ааттыыр. Тоҕус саас-
тааҕар уолу дьоно ылбыттар.
Куоракка Ойуунускайдары кытга дьукаахтаһан олорбуп-
пут, ол 1926—1927 сыллардаахха этэ. Мин кинилэргэ кии-
рэн кэггсиир үһүбүн: «Мин Леас диэн убайдаахпын, кини
Челнай диэн ытгаах», — диэн. Ону Ойуунускай миигин
дьээбэлээтэҕинэ: «Бээрэ, эн ким диэн тыаҕа убайдааххы-
ный? Ким диэн ыттаах этэй?» — диэн куруутун ыйытара
үһү. Убайым отутус сылларга техникумҥа киирбитэ, биһи-
гини булан уопсайтан биһиэхэ кэлэ турар этэ. Онтон убай-
бынаан, өлүөр диэри, бииргэ сылдьыбыппыт, бииргэ олор-
буппут. Туох да наһаа чугас бииргэ төрөөбүттэр курдук эти-
бит. Амыдай диэн сиргэ, ити билигин уҥуохтара баар сири-
гэр, ампаар баар этэ. Педучилигцеҕа үөрэнэ сылдьан убайбар
наар сайылыы тахсар этим. Онно убайбынаан ампаарга ба-
рарбыт. Ампаарга Кулаковскай архыыба уонна былыргы ки-
нигэлэр бааллара. Мин былыргы кинигэлэри ааҕабын, кини
аҕатын ахтыыларын бэрийэр, наардыыр этэ. Сарсыарда ту-
рабыт уонна үлэлээх курдук онно барабыт. Киэһэ хойут
кэлэбит. Онно биирдэ олордохпутуна убайым эттэ: «Биһиги
Кулаковскайдар диэн иккиэйэх эрэ хааллыбьгг буолбат дуо?»
— диэн. Ону мин: «Оттон оҕолор бааллар дии», — диэтим.
Онуоха убайым: «Оо, ол дьон диэхтээн...»—диэбиттээх. Ол
сэрии сыллара этэ. 1942 сыллаахха Рая түөртээх, Атос үстээх,
Рива көтөххө сылдьар кыыс этэ.
Ол кэҥниттэн санаан көрбүтүм, мин аҕам, Роман Федоро-
вич Кулаковскай, репрессияламмьгга. Быраатым оҕо сааһыгар
ууга түһэн, алөн хаалбыта, мин дьиэ кэргэммиттэн соҕотох
эрэ хаалбыт этим. Отгон Өксөкүлээхтэн убайым Реас соҕотох
хаалбьгга, Оонньуулаах Уйбаантан Баһылай диэн уола репрес-
сияламмыта, Трифон диэн уола сэриигэ баран олбүтэ. Кини-
лэртэн эмиэ кыра оҕолор хаалбьггтара — Клара Трифоновна,
Аскольд Трифонович уонна Баһылайтан — Дора Василъевна.
Санаан көрбүппүт, улахан дьонтон биһиги иккиэйэх хаалбьгп-
пыт. Онтон, хата, убайьгм аҕыс оҕолонон, сиэн боҕолонөн, хос
сиэннэнэн билигин бэйэтэ туох да улахан далбарга сыдцьар.
Бу оҕолор, убайым оҕолоро, бары сүрдээх үлэһит дьоннор.
Өксөкүлээх киһи сөҕөр улуу киһитэ. Кини биир кэппиэй-
кэтэ суох, дьиҥнээхтик норуотун инникитин туһугар үлэ-
202

