Page 169 - Былыр этэ диэххэ
P. 169

Туурунар күнүм буолла.
                          Орто дойду улуу ойууна буолаар диэн
                          Уоннаах эрдэхпинэ
                          Умса анньан ыыппыт
                          Уйгу-быйаҥ аҕабар,
                          Унаах хатыҥ ийэбэр
                          Охсуллан эргиллэн кэллим.
                          Убаһатыгар мииниллэр
                          Уот сиэр сылгылаах,
                          Уон ыйыгар уоһах сүүрдэр
                          Олохон кыһыл ынахтаах,
                          Ураҕаһы көрбөккө үүрүллэр
                          Уйгу-быйаҥ сүөһүлээх,
                          Уору-кылыны эппэккэ үөскүүр
                          Унаа маҕан киһилээх;
                          Уот диэн оттубатах,
                          Уу диэн оргуттубатах
                          Орой халлаан орто курбуутугар
                          Отут сыл буолан баран
                          Охсуллан тиийдэхпинэ:
                          — Орто дойдуга оһолу оҕолооччу
                          Уу долгун түүлээх
                          Улуу кураҕаччы көтөрбүн
                          Уолугум төрдүгэр
                          Уган кулуҥ эрэ...
                          Орто дойду уһун улуустарыгар
                          Оһоллоох өттүлэрэ улаатаары гиннэ,
                          Сиэхсит өттүлэрэ дэлэйээри гиннэ,
                          Алдьархайдаах өттүлэрэ
                          Алыстаары гиннэ...
                          Ураҕас төбөтүгэр
                          Уйгу-быйаҥ оонньообут
                          Унаах хатыҥ ийэм
                          Улааппыт орто дойдубар
                          Оһоллоох өттүн улаатыннарыма, — диэн
                          Орой баспар охсон кулу.
                          Кулуһун төбөтүгэр кутаа таппыт
                          Куоҕай тойон аҕам
                                                                      167
   164   165   166   167   168   169   170   171   172   173   174