Page 195 - Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
P. 195
Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
Куобахчыттар барахсаттар, санааларыгар төһө да саһан, ньимийэн,
улахан курах курдук ыһыыта-хаһыыта суох сырытталлар, сааларын тыаһа
бу тибийэн турдаҕа эбээт. Инспектордар өр-өтөр гымматылар, дьонно-
рун субу булан ыллылар уонна субэ булан, саҥа тахсыбыт эрэттэр куо-
бахтара соччо суох буолуо, онон ботуччу соҕус ыстарааптыыр, кэһэтэ
түһэр гына, “ыанньыта” түһэн баран тутуохха диэн, дьоннорун үгүс саҥа-
та-иҥэтэ суох батыһа сырыттылар.
Куобахчыттар барахсаттар бултуйан истэхтэрин аайы ууларыгар-
хаардарыгар киирэн, саҥалара-иҥэлэрэ хойдон, кэнникинэн били бас-
таан буойсалларын төрүт да умнан, сэрэхтэрин таһы-быһа сутэрэн кээс-
тилэр. Инньэ гынан ойуур иһэ, улахан “кэриир” иһэрин курдук, биир кэм
оргуйан олордо.
Кырдьыга, ол ыһыытаһалларынааҕар, хайдаҕын да иһин, сааларын
тыаһа ордук ини, тыаһа суох эстэр сааны айа иликтэр ээ, чэ, онон син
даҕаны, айдаардыннар... Түөртүүр саҕана, дьэ, сөп буолла диэн, субэлэ-
һэн, уочараттаах, өлгөм бултаах ууруу кэнниттэн, куобахтарын уллэстээри
үөрэ-көтө, омуннара-төлөннүрэ турар эрэттэргэ инспектордар тахсыы-
лара хаппыт маска чаҕылҕан сааллыбын курдук буолла.
- Ханна да хамсаамаҥ! Тутулуннугут! Билигин аах оҥоруохпут!
Турбутунан дөйөн хаалбыт эрэйдээхтэргэ аах оҥоруохпут диэн тыл,
дьэ, “тыын” киллэртээтэ быһыылаах. Иһиттибиэт-истибэтибиэт диэбит-
тии, ким төһө күүһэ кыайарынан бука бары буут биэрдилэр. Арай икки-
үс, саастаах соҕус дьон, сурэ бэрт диэххэ айылаах, туран хааллылар.
Инспектордар, дьыала маннык эрэ буолуо диэн кууппэтэх дьон, со-
һуйан бастаан утаа туран хааллылар. Ээ, уонна ол сырсан да диэн, уон
аҥыы ыстаммыт дьону хастарын тутаары, арай биирдэрэ ей булан, ба-
ҕар тохтоойоллор диэтэҕэ: “Стой! Стой!” - дии-дии иккитэ-устэ бэстилиэ-
тинэн салгыҥҥа ытта.
Көрдөрө, дьэ, манна таҕыста.
Бастакынан ыстаммыт биэлсэр уол, бэстилиэт эстибитигэр, миигин
ыттылар диэбитэ дуу, буулдьаттан аһарыахха айылаах, ньыкыс гына түһэр
уонна били куобах эрэйдээх саа уотугар түбэстэҕинэ ыксаан туора-маа-
ры ойуоххалыырын курдук, байыаннай искусство бары быраабылатын
толору тутуһан туора-маары ыстаҥалаан, суурэрин икки-ус бук эбэн биэр-
159

