Page 194 - Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
P. 194
Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
айылаах: төбөтүнэн түргэн-түргэнник тоно<оҥнуу-тоҥхоҥнуу, ол да буол-
лар син биир ырыатын дорҕоонун быспакка эра, кулиса кэтэҕэр ньимис
гынан хаалла.
Саала иһэ күлэн ньиргийэ олордо.
Миигин баар диэмээриҥ!
Бүгүн өрөбүл. Онно эбии, бэйэтэ да, дьэ, кылбааран үгүө күн. Күһүҥҥү,
мүөтүн өссө да сүтэрэ илик, үтүө күн!
Бүгүн кыстык бэлэмигэр субуотунньук буолуохтаах. Биригэдьиир
хайыы-үйэҕэ үлэни аттаран, сэби-сэбиргэли бэлэмнээн олорор.
Сотору, үлэһиттэр биир-биир кэлитэлээн истилэр. Ол гынан баран,
дьоммут аҕыйахтара да бэрт уонна олорбут да үксэ дьахталлар икки
оҕонньоттор икки. Биир да, үчүгэй аҕайдык тоҕо түһэн үлэлиэххэ айылаах,
эр бэрдэ суох. Биригэдьиир күүтэ сатаан баран дьонноруттан ыйытта:
- Хайа, эр дьоммүт туох буоллулар, тоҕо баччааҥҥа диэри билли-
бэттэр?
Онуоха Охоноон оҕонньор:
- Бэҕэһээ киэһэ куобах күрэтэ барыахпыт дэһэн эрэллэрэ. Дьонуҥ
хата туруммуттара сүр этэ. Сиэммэр: «Субуотунньукка тахсыбакка, куо-
бахтыы сылдьыаххыт үһү дуо”, - диэн көөрпүн хата муннунан да, айаҕынан
да тыымматаҕа. Сарсыарда турарбар ороно сойбута ырааппыт этэ.
- Субуотунньук буоларын билэ-билэ, өссө куобах бобуулаах турда-
ҕына барбыттарын, оҕолорбун бука, дьэ, туттартыырым буолуо, - бири
гэдьиир улаханнык кыыһырда..
- Охоноон, ханна барыахпыт дииллэрэй?
- Ээ, оттон Суордаах халдьаайытыттан саҕалыахпыт дэһэллэрэ, -
Охоноон, хата, барытын билэр буолан биэрдэ.
Биригэдьиир кэлбит дьоҥҥо үлэлэрин аттаран биэртэлээн баран
түлүпүөннүү барда. Бэрт эрэйинэн оройуон киинигэр тиийэн, охотинс-
пекторы булан тыллаата.
Аҕыйах чааһынан оройуонтан инспектор биир милиционердаах тах-
саннар, биригэдьиир онно буолуохтара диэн ыйбыт сиригэр куобах-
чыттары ирдии бардылар.
158

