Page 193 - Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
P. 193

Бэстэрикиэптэр.  Олох  салҕанар

              Бу да буоллар, күүгүн-хааҕын, хатыылаах саҥалар саалаҕа олус уксэ-
          эбиттэригэр Гришка да тулуйбата. Сцена кэтэҕинэн эргийэн тиийэн, аҕатыт-
          тан арыый чугас кулисаҕа сөрөнөн туран, сибигинэйдэ:
              -  Тээтэ, сөп буолуо, таҕыс! Тээтэ, тээтэ,  ыл таҕыс...
              Онтуойа  хата  ону  эра  истиэх  быһыыта  суох.  Дьэ,  өссө  ордук  ирэ-
          хорон, уутугар-хаарыгар киирэн, куолаһа өссө ордук чөллөрүйбүккэ дылы
          буолан,  ыллаан кикиритэ турда.  Онуоха саала иһиттэн,  Гришка тугу гы-
          нарын, тугу саҥарарын  бука барытын инники эрээттэн  көрө-истэ олор-
          бут, дьээбэлээх баҕайы Ыскырыын диэн киһи:
              -  Онтуойа,  оттон  ити  уолуҥ Кириискэ таҕыс диир  буолбат дуо?  Эн
          тоҕо баар-суох соҕотох оҕоҥ тылын убаастаан истибэккин, тахсыаххын!
          -  диэн тыл бырахта.
              Онтуойа хата ону эрэ истиэх буолбатах, ырыатын “тууһугар-туматы-
          гар”  киирэн,  букатын атын дойдуга сылдьар быһыылаах.  Баҕар, төһө да
          иһиттэр, дьонугар-сэргэтигэр “бэстилиэнэйин” ыллыыр тугэнэ тосхсой-
          бутун кырдьаҕас киһи сүрэҕинэн-быарынан сэрэйэр буолан, бачча мулчу
          туттаран тахсыбычча, үчүгэйдик өйдүү-саныы сылдьар курдук ыллыырга
          быһаарыммыта буолуо...
              Оттон Гришка, Ыскырыын тылыттан өссөабарда быһыылаах, атаҕы-
          нан муостаны тиҥилэхтии-тиҥилэхтии:
              -  Тээтэ, тээтэ, ыл таҕыс, таҕыс, бут диибин буолбат дуо! -  дии турда.
          Эрэйдээх онтон ордук хайыай даҕаны...
              Саалаҕа, дьэ, сэргэхсийэн, туох эрэ буолар диэбиттии, учугэй спек­
          такль саамай кууруулээх тугэнигэр буоларын курдук, бары болҕомтоло-
          рун Гришкалаах Онтуойаҕа хатаатылар. Бэл, оҕолор кытта тусталларын,
          суурэллэрин тохтоттулар.
              Онтуойа өтөрүнэн тахсыах эрэ быһыыта биллибэт. Саала дьоно иһий-
          битэ Онтуойаны, көрөөччүлэрбин, “дьэ, илиибэр ыллым ээ“-  диэн, өссө
          кууртэ.
              Ол аайы Гришка, хайа муҥун, тугу да истибэт киһиэхэ сипсийэ сатыы
          туруой. Аны синим биир, син биир барыта билиннэ диэтэҕэ. Кулисатыгар
          сөрөммүтүнэн  сценаҕа  тахсан  кэллэ,  аҕатын  сонун  санныттан  бобо
          харбаата уонна туох да бокуойа суох кытыы диэки дьулурутта.  “Алдьар-
          хай” буолтун Онтуойа, дьэ, өйдөөтө быһыылаах. Мин буруйум суох диэххэ

                                                                                157
   188   189   190   191   192   193   194   195   196   197   198