Page 124 - Кун кууьар хайатыттан
P. 124
— Отгон «көрдөһөргүн ыл» диэн туту эппиккиний? — дни
түстүм мин.
— Ол да буоллар, мин эйиэхэ этэр кыаҕым суох. Итини
мин уон сэттэ сааспыттан саҕалаан сэттэ уон сэттэ сылы быһа
кистээн сырыттым. Ити ырыа кистэлэҥин мин мучель тыын
сири эргийэ илигинэ этиэ суохтаахпын. Ол курдук андаҕайан
турабын... Хайыахпыный? Ол андаҕарым Аллах Таҥара мии-
гин халты аһардын: өлүөхсүтгэн да дьулайабын, тыыннаах-
ха да атаҕастабылы оҥоруо суохтаахпын, — диэтэ кини сан-
ньыйбыт быһыынан.
Кини холтуунунан этэрбэһин ойуулаах оһун тоҥсуйбах-
таан баран, ытыһыгар табах купунан, миэхэ күндүлүү олорон
эттэ:
— Тоһуй, тукаам, ытыскын.
Онтон сири супту одууласпытынан саҥата суох олорбох-
тоото.
Мин табаҕы айахпар уган бараммын, силлээн кэбистим,
кини аргыый кэпсээн барда:
— Мин кэпсиир суолум саманна саҕаланан баран, саман
на да түмүктэммитэ, тукаам. Бу толоон саамай дьоллоох са-
йынтгы кэмигэр, баччаларга этэ. Мин оччоҕо букатын 050
этим. Кулуннары ыытталлар эрэ, мин кинилэри уулата сүл-
бэҕэ тиийэ үүрэн барарым. Биир тураҕас тыйы мэлдьи сы-
быдахтыы миинэр этим. Кулуннары үүрэргэ миигин ким да
соруйбат этэ. Көннөрү, оҕо буолан оонньоон эрэ үүрэр этим.
Кулуннары уулуур сирдэригэр тиэрдэн бараммын, мин сүл-
бэни туораабакка эрэ дьиэбэр тонной хааларым.
Биирдэ сүлбэҕэ тиийэрбэр хойуу туман түстэ. Кулунна
ры ууларыгар тиэрдээт, туохтан да дьиксиммэккэ, дьиэбэр
төннүбүтүнэн бардым. Арай ол истэхпинэ муус маҥан үтүө
сүүрүгү мииммит эр бэрдэ киһи баар буола түһээт ыйытга:
— Бу ханнык ыалларый? — диэн баран, мин туту эмэ саҥа-
рыам икки ардыгар, хотой курупааскыны харбыырын курдук,
саҕабыттан харбаан, аппыттан сулбу тардан ылла. Мин аҕам
доҕотгоро толоостук оонньуулларыгар үөрүйэх буоламмын,
куттамматым — ол дьонтон биирдэстэрэ буоллаҕа дии санаа-
тым. Киһим унуохтарым дьаралыйыахтарыгар диэри миигин
хам тутан кэбистэ.
— Убайкам, көхсүм ыарыйда, — диэн кыланным.
122

