Page 126 - Кун кууьар хайатыттан
P. 126

Аһыйан, муҥнанан эрдэҕэ да, хайыаҥый? Мин сааһым туха-
            ры баар майгы итинник эбээт, — эмээхсин төбөбүн имэрийдэ
            уонна сүүспүттэн сыллаан баран эттэ: — Чэ, аһаа, кулунчу-
            гуом, аһыы түс.
               Ити күнтэн ыла миэхэ кулут олоҕо саҕаламмытынан барда.
               Элбэх дьон кэлэннэр, миигин көрдүлэр-иһиттилэр. От­
            тон мин, куттаммыт куобах оҕотун курдук, муннукка бүгэн
            олордум. Бары ону-маны араастаан ыйыталаһаллар, кэпсэтэ
            сатыыллар.
               Ыаллар утуйан бардылар. Мин ханна да куотар кыаҕым
            суоҕун билэллэр, куота сорунуо диэн ким да санаабат.
               — Ити тэбиэн ыҥыырын тэлгэн уонна ити боолдьоҕунан
            сабынан кэбис, — диэтэ эмээхсин.
               Дьиэ иһигэр атын тэлгэх суох: хайыахпыный, сыттаҕым
            дии. Утуйарга туох саатай!
               — Ой, бала, тур!
               Ити хаһыыттан мин уһуктан кэллим. Халлаан сырдаабыт.
            Мааны таҥастаах эдэр кыыс оҕо миигин одуулаһан өҥөйөн
            турар эбит. Төбөтүн сиигинэн хайа тараанан баран, аҥаардыы
            өтгүгэр уоннуу сүүмэх гына өрүммүт ыас хара баттаҕа долгун-
            нуран сиргэ тиийэ намылыспыта сирэйбин таарыйа сыспыт.
            Олус кытаанахтык утуйаммын буоллаҕа буолуо, кулут буолан
            хаалбыппын умнан, бэркэ үөрэн-көтөн уһугуннум.
               — Эйигин хантан аҕаллылар? Хайа ыалтан эн кэллиҥ? —
            диэтэ кыыс оҕо мичээрдээбитинэн туран.
               — Билбэппин!
               — Сааһыҥ хаһый?
               — Уонум.
               — Бырааттардааххын, балыстардааххын дуо?
               — Суох, соҕотохпун.
               — Оччоҕо барыах. Мин дьиэбэр олоруоҕуҥ, — диэтэ кыыс.
            Кыыһы арыаллаан сылдьар икки дьахтар туту да саҥарбатгар.
            Кинилэр тугу эрэ сибигинэһэллэр уонна кыыс көхсүгэр сытар
            баттаҕын сүүмэхтэрин көннөртүүллэр.
               Таҥна турдахпытына эмээхсин кыыска эттэ:
               — Тукаам! Эн эмиэ соҕотоххун эбээт, бу оҕону муҥнаабак-
            ка, сымнаҕастык тутан сырыт. Уоһуттан ийэтин үүтэ куура
            илик эрэйдээх эбээт, төрөппүтгэрин соҕотох уоллара. Оҕот-
            тон тугу барытын көһүтүөххэ сөптөөх. Кини биллибэт кетөр
            124
   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131