Page 153 - Кун кууьар хайатыттан
P. 153

Эмээхсини көрө олорбут уһун, дьондоҕор уҥуохтаах Зарыл
       диэн кыыс:
          — Эн үөһэ, ол ыраах хайалар диэки көр, оччоҕо мэйииҥ
       эргийиэ суоҕа, — диэн сүбэлээбитэ.
          — Көмүһүм оҕотоо, көрө сатыыбын да, син биир. Санаа-
       бар, хайалар эмиэ сырсыакалаһар курдуктар. Массыынанан
       урут хаһан да айанныы илик буоламмын мэйиим эргийэр бы-
       һыылаах. Кэпсэттэхпинэ эрэ аралдьыйабын. Кэпсэтэн кии-
       рэн бардым да, төбөм дьэгдьийэргэ дылы гынар.
          Эмээхсин, чочумча тохтуу түһэн баран, Зарылтан эмиэ
       урукку ыйыппытын курдук:
          — Чыычааҕым сыыһаа, эн Фрунзе куораттан иһэҕин дуу? —
       диэн ыйыппыта.
          — Эдьиэй, онтон иһэбин. Биһиги онно командировкаҕа
       бара сырыттыбыт, — диэн кыыс эмээхсиҥҥэ быһаара сатаа-
       быта.
          — Өйдөөтүм, — диэн эмээхсин төбөтүн тоҥхолдьуппу-
       та. Онтон биир мүнүүтэ буолаат эмиэ: — Көмүһүөм, эн ол
       Фрунзе куоракка үөрэммитиҥ дуо? — диэн ыйыппыта.
          — Эдьиийиэм, хайа үлүгэр умнугаҥныный! Биһиги коман­
       дировка^, быстах бара сырыттыбыт диибин ээ.
          — Ы-йыы! Оннук эбит ээ! Фрунзе куоракка ол кыргызтар
       бааллар дуо, ураһаларын ханна туруорбуттарый?
          Эдэр дьон бары күлсэ түспүттэрэ. Оттон Зарыл эмээхсин
       өйдөөбөтөҕүттэн ыксаан, илиитинэн сапсыйан кэбиспитэ.
          Аны туран Шамбет кэпсэтиигэ кыттан барбыта:
          — Ээ, бэйи эрэ, тылбаасчыта суох сатаныа суоххут! Эдьиий,
       биһиги Чууйа хочотугар, холкуостаахтарга ыалдьыттаан ба­
       ран иһэбит. Бэйэбит — эмиэ холкуостаахтарбыт, оол-ол турар
       хайа халдьаайытыгар олоробут. Мин холкуос бырабылыанньа-
       тын бэрэссэдээтэлэ буолабын. Эйигин кытта сэргэстэһэ оло-
       рор кыыс — Зарыл, биһиги кырасаабыссабыт. Кини быйыл
       саас уон кылаастаах оскуоланы бүтэрбитэ, күһүн оскуолаҕа
       оҕолору үөрэтиэн баҕарар... Ол сынтаҕар муруннаах, күллэ-
       рэстии олорор кыыс — Акия, хонуу биригээдэтин звеньевойа,
       биһиги комсорбут. Кини хоһуун кыысчаан: бурдук быһыы-
       тыгар сиэрпэтэ кимнээҕэр да сытыы, ону тэҥэ кэпсэтэн кии-
       рэн бардаҕына эмиэ сүрдээх сытыы тыллаах, онон үлэҕэ да,
       кэпсэтиигэ да кинини кытта ким даҕаны күрэстэһэ соруммат.
                                                                151
   148   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158