Page 166 - Кун кууьар хайатыттан
P. 166

Суол өҕүллүүтүгэр уматык кутгар миэстэҕэ, хата, таһаҕас
             массыынатыгар түбэстим. Суоппар бэнсиинин бааҕын хап-
             пахтыы турара. Кэбиинэтин тааһыгар «SU» диэн суругуттан
             көрдөххө, Сэбиэскэй Сойуустан омук сиригэр таһаҕас тиэйэр
             сырыыга эмиэ сылдьар бырааптаах эбит. Ол аата, бу массыы-
             на Кытайтан Балыкчыга, «Тастранс» тэрилтэ аптабаазатыгар,
             айаннаан истэҕэ. Онно тиийдэххэ, Фрунзеҕа диэри сырыы-
             айан элбэх буолааччы.
                — Сибилигин хоҥноҕун дуо, Балыкчыга диэри олордуоҥ
             буолаарай? — диэн суоппартан көрдөһөбүн.
                Киһим, сөбүлээбэтэхтии, саннын үрдүнэн барбах элэгис
             көрөн аһарда. Онтон аа-дьуо эргиллээт:
                — Суох, аҕай1, сатаммат, — диэтэ.
                — Доҕоччуок, Фрунзеҕа тиийэ охсорбор ыксаталлар, ба-
             һаалыста, ылыаҥ дуо? — ыгылыйан эбии көрдөстүм.
                Суоппар эмиэ сөпсөөбөтөхтүк, иэдэс биэрдэ.
                — Өйдүүбүн, ол эрээри КИМИ да ылбаппын. Санааҕар ту-
             тума, аҕай.
                Кэбиинэҕэ миэстэ баарын үрдүнэн тоҕо киһини олордуба-
             тын бэркиһии санаатым.
                — Мин суруналыыспын, олус ыксыыбын! Төһөнү баҕарар
             төлүөм...
                — Дьыала харчытыгар буолбатах, убай! — суоппар ситэ
             саҥардыбакка, кыйахаммыт быһыынан, массыынатын көлүө-
             һэтин тэптэ. — Аныгыскыга босхо илдьиэм. Бу сырыыга...
             кыаллыбат. Сотору биһиэннэрэ, атын массыыналар кэлиэх-
             тэрэ, талбыккынан барсыаҥ буоллаҕа...
                «Аара суолга кими эрэ ыларга үлэстэхтэрэ дуу?» — испэр
             таайа сатыыбын.
                — Оттон, баҕар, куусапка хайдаҕый?
                — Син биир, сатаммат... Баалаама дуу, аҕай.
                Чаһытын көрүнээт, суоппар кэбиинэтигэр тиэтэйдэ.
                Ити курдук экчи быһа аккаастан, өмүттэн хаалан, санны-
             бын ыгдах гыннараат, ол-бу диэки көрдүм. Каасса чуолҕа-
             нынан барытын истэ олорбут сааһырбыт нуучча дьахтара:
             «Кэбис, туһата суох, чирэстэһимэ...» — диэбиттии, саҥата
             суох төбөтүн хоҥкулдьутан кэбистэ. Дьэ буоллаҕа...

                1 Аҕай — убай.
             164
   161   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171