Page 170 - Кун кууьар хайатыттан
P. 170

киһитин билэн кыбыста быһыытыйбыта сирэйигэр-хараҕар
              көһүннэ.
                 — Дорообо, аҕай! — буруйдаммыттыы мичээрдээтэ.
                Илии тутустубут.
                — Ыраата айанныыгын дуо?
                — Оннук... ыраах! — табаҕын буруотун сыыйа үрэ-үрэ, са-
             ҥата суох олорбохтоот, эбэн эттэ: — Памирга.
                — Памирга даа? Ол аата, аргыстаһар эбиппит. Мин Ош
             диэки тиийиэхтээхпин... Уоппускаҥ? Эбэтэр үлэҕинэн көһөн
             эрэҕин дуу?
                — Чэ, оҕордук диэххэ сөп... Табахтыыгын дуо?
                Иккиэн саҥата суох бөппүрүөскэбитин тардабыт. Атын
             тугу кэпсэтиэхпитий? Киһим эмиэ бэйэтин эриирдээх санаа-
             тыгар ылларан бүк түһэн олорор. Богуон хачайданарыгар
             өһөс кэтэхтээх төбөтө куоҕаҥныыр. Урукку сырыыга көрбүп-
             пүнээҕэр лаппа уларыйбыт курдук. Дьүдьэйэн омурда уола
             быһыытыйбыт, сүүһүн туора барар дириҥ мыччыстаҕастар
             баар буолбуттар. Хааһын түрдэһиннэрэ сылдьарыттан эбии
             уорастыйбыт көрүҥнэнэр эбит. Киһим балачча олорбохтоон
             баран, ыйытыан иннинэ, си буолуохтааҕар, ымайан ылла.
                — Ааспыкка, арааһа, эн миигиттэн хомойдоҕуҥ буолуо,
             аҕай?
                — Эс, ол хаһан этэй? — аргыспын табыгаһа суох балаһыан-
             ньаҕа киллэримээри, өйдөөбөтөҕө буоллум. Ол эрээри утары
             олорор аргыһым чахчы суобаһа эрэйдэнэрин көрөммүн, саҥа
             өйдөөн кэлбиттии тутуннум. — Ээ, арба, оннук баара этэ дуу!
             Ээ, кыра аайы тугу өһүргэнэ сылдьыамый, суолга араас буо-
             лааччы. Пахай, ол түбэлтэни умнубутум ыраатта, отгон эн ама
             ону өйдүү сылдьаҕын дуо?
                — Атын түгэнҥэ умнуом да этэ, ол эрээри ол күҥҥэ суох...
                — Туох эрэ быһылаан, саахал буолбута дуо?
                — Саахал тахсарын тахсыбатаҕа, хайдах этиэххэ сөбүй,
             атын баара... — киһим туох диэн этиэн билиминэ саараҥ-
             наан ылла. Онтон ымайан ылла, арааһа, бэйэтин күһэйэн ту-
             ран күллэ быһыылаах... — Дьэ билигин эйигин ханна баҕарар
             олордон илдьиэхпин сөп этэ. Ону баара, бэйэм тиэллэн ис-
             тэҕим дии...
                — Туох буолуой, ат үктээбит олугар сүүстэ хос үктүөн сөп
             дииллэр, баҕар, хаһан эрэ эмиэ көрсө түһүөхпүт...
             168
   165   166   167   168   169   170   171   172   173   174   175