Page 161 - Дойдум Уус-Алдан Хорого
P. 161
Хоро нэһилиэгин историята
«Куотука» колхозтан
1. Крылов Роман Кузьмич-Чоной - Моой Үрэххэ, Ааллаах-Үүҥҥэ сылдьыбыт.
2. Неустроев Асам Кузьмич - Моой Үрэххэ.
3. Гоголев Гаврил Гаврильевич-Халла - Моой Үрэххэ.
/Олуннъу 2 күнэ 2003 с./
Нэһилиэкпит бастакы таһаҕасчыта
Хоро нэһилиэгэр Илин Бырдьа, Орлов ийэтин ууһугар Тараас Булуҥа диэн аатгаах бэрт кыараҕас
үрэх сиргэ олохтоох Дьэбдьиэй уонна Тараас Орловтарга Охонооһой диэн уол төрөөбүтэ. Аҕалара
Тараас олоҥхоһут идэлээх киһи, сааһын тухары хоту балык булдугар сылдьыбыт. Кыра унуохтаах
гынан баран бэрт ыраас хааннаах киһи кырдьан бокооро сылдьарын оҕо сылдьан көрөрүм.
Орловтар «Кыһыл агроном» колхоз чилиэннэрэ этилэр. Кэлин Майаҕаска олорон өлбүттэрэ.
Афанасий Тарасович борбуйун көтөҕөөт дьонуттан туспа баран, Чыраанай ийэтин ууһугар
олохтоох Андросова-Макеева Анастасия Павловна диэн эмээхсиҥнэ, кэлин кини уола Василий
Николаевич Макеевтыын дьукаахтаһан олорбута. Афанасий бииргэ төрөөбүтэ суох, кэргэн да
ылбатаҕа. Сааһын тухары соҕотох сылдьан үлэ бөҕөтүн үлэлээн, бу орто дойдуттан арахсаах-
таабыта.
Охонооһой биһиги нэһилиэкпититтэн биир бастакынан Моой Үрэххэ, кэлин Ааллаах-Үүҥнэ
таһаҕас таспыт, элбэх айаҥҥа сылдьыбыт киһибитинэн буолар. Кини аҥардас Моой Үрэххэ 1938
сылтан 1950 сылга диэри 12 төгүл тахса сылдьыбыт. Сырыыны, айаны тулуйар, бэрээдэктээх,
чиэһинэй, көлөнү үчүгэйдик тутар, былааннаах сорудаҕын өрүү толорор буолан колхоз
бырабылыанньата кинини анаан сыл аайы айаҥҥа ыытара. Охонооһойу кытта Хоро нэһилиэгиттэн
саҥа айаҥҥа барар эдэр оҕо дьону ыыталлара. Афанасий Тарасович ол дьону сүбэлээн-амалаан,
ыарахан айаны-сырыыны тулуйан сылдьар, бэртээхэй элбэх айанньыттары иитэн таһаартаабыта.
А.Т.Орлов таһаҕас айаныгар сылдьарын таһынан сайынын от, бурдук үлэтигэр биир төһүү
үлэһит буолара.
Кини бэйэни харыстаммат үлэтин, нэһилиэгэр, колхоһугар оҥорбут өнөтүн өйдөөн «1941-1945
сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин» диэн мэтээлинэн
наҕараадалаабыттара.
/МС, муус устар 3 күнэ, 2004 с./
Айанньыт- Маяк харата
Иван Романович Бурцев-Быыппах Хоро нэһилиэгэр Кэнкээки диэн сиргэ 1928 сыллаахха төрөө-
бүтэ. Ийэтэ Татьяна дьиэ иһинээҕи үлэни кытта, сүөһү көрүүтүн түбүктээх үлэтинэн дьарыктанара.
Аҕалара Арамаан үлэни кыайар, модьу-таҕа киһи буолан от-мас үлэтин кыайа тутан үлэлиирэ.
Арамаан сэрии ыар сылларыгар кыһыҥҥы кыстык сиргэ сүөһүнэн сүөһүгэ үс-түөрт көлөнөн от
тиэйэрэ, онтон сайынын от үлэтигэр бастын кыдамаһыт этэ.
Иван Романович оскуола диэҥҥэ үөрэммэтэҕэ, аармыйаҕа да сылдьыбатаҕа. Ол курдук оҕуһу,
аты сатаан көлүйэрэ, аһатара, уулатара. Бу эттэххэ эрэ судургу. Ити үлэлэри барытын кэмигэр
оҥордоххо эрэ көлө көлө буолара. Дьэ, ол иһин Уйбааны 13-14 саастаахуолу көлө иччитэ буоллун
диэн, адьас оҕочоос сааһыгар Ааллаах-Үүн курдук олус ыраах уонна ыарахан айанна илдьэ бар-
быттара. Онтон ыла сындалҕаннаах уһун айакҥа турунан уол оҕо, эр киһи уйана-хатана быһаа-
рыллар, элбэх моһоллоох айан аартыгын арыйан Уйбаан уол буһан-хатан, киил мастыы эриллэн
айанньыт киэнэ бэрдэ буолан, ситэн-хотон Моой Ү рэҕинэн, Ааллаах-Ү үнүнэн тоҕус төгүл таһаҕас
тардыытыгар тахса сылдьыбыта. Уйбаан бэйэтэ итинник айаҥна сылдьарын сөбүлүүрэ. Ол айан
кэмигэр кинини билэр дьонноро («Маяк» колхоз колхозтаахтара) «Маяк Харата» диэн ааттаа-
157

