Page 56 - Дойдум Уус-Алдан Хорого
P. 56
..= ................... — , = Дойдум - Уус-Алдан Хорою --------- - --- =.. = .... :... = ■„
Стручков Гаврил Иванович
Стручков Гаврил Иванович - Самаан Хабырылла. Төрдө Хатын Сыһыы киһитэ. Кэлин Майа-
ҕаска кэргэн ылан олохсуйбута. Кини эдэр эрдэҕинэ Крылов Семен Федотовичтаахха - кинээскэ
энэрдэһэн сылдьыбыт. Онно сылдьан от охсорунан аатырбыт. Ол эрээри, төһөнү охсорун туһунан
кэпсэммэт. Бэйэтэ бэрт кыра, ньахчайбыт киһи эбит. Ону дьоннор: «От охсуутугар улахан күүс
наадата суох, сатабыл, дьарык наада эбит. Оннооҕор бу Самаан Хабырылла курдук киһи аатырар
охсооччу буолбут», - дииллэрэ үһү.
Баабаҥ - Жирков диэн араспаанньалаах.
Куотука тоҕоноҕор куулаҕа, былыр Баабаҥ диэн киһи олоро сылдьыбыт. Бу киһи оҕото-уруута
суох. Сүөһүтүн сааҕын ханна да ыраах таспакка, хотонун аттыгар биир сиргэ мунньар үгэстээҕэ
үһү. «Кэнэҕэс бу миэстэҕэ маннык ааттаах киһи олоро сылдьыбыта диэн, саатар манан ааппын
ааттыахтара»,- диирэ үһү. Ол билигин «Баабакг өтөҕө» диэн булгунньах буолан сытар. Баабан
былыр биирдэ улахан баҕайы оҕуһу курулаабыт. Ол оҕуһун икки сыл устата уоппут. Сайын куйаас-
ка сыата ууллуо диэн хааман киирэр тына анаан умуһах оҥорон баран, оҕуһун онно киллэрэн
сөрүүкэтэрэ үһү. Оҕуһа наһаа уойбут. Аччыгыйа сэттэ буут сыа кэлэр ини дии саныыр. Онтуката
өлөрбүттэрин кэннэ биэс буут сыа кэлбититтэн, санаата туолбатаҕыттан хомойбута үһү. Ынах
сүөһү - оҕус оннук наһаа уойбутун уонна онно хараҕа туолбакка өссө ааһа түһэн, Баабаҥ хомой-
бутун туһунан дьон бэккиһээн кэпсииллэрэ.
Бурцев Михаил-Баһымньы
«Өҥүр» алаас халдьаайытыгар олохтоох Баһымньы Мэхээлэ диэн киһи олорбут. Бу киһи ийэтэ
аҥара күүстээх Кэкэрийэ эмээхсин диэн эбит. Баһымньы ийэтин батан эмиэ күүстээҕэ үһү. Биирдэ
атыыр оҕустар хасса сырытгахтарына икки аҥы илиитинэн араартараары гыммытын, дьоннор
буойан тохтоппуттар. Былыр Илии хотуурунан от охсуутугар бэйэтин дойдутугар киниттэн ордук
охсооччу суоҕа үһү. Аһара улахан, уһун хотуурунан, туора быраҕан, наһаа киэҥник ылларан,
киэҥник суоллаан, сири кырсыттан кыһыйан, тоҕо тардан охсор эбит. Бэйэтэ хараҕынан мөлтөх
буолан, хотуурун биитэ өрүү үп-үрүҥ буолара. Ол хотуурунан босхону дайбыыра үһү. Дьоҥно үс
күн охсорго кэпсэтэн ылбыт ходуһатын биир күн охсон бүтэрэн баран, үс күннээх кэпсэтиитин,
төлөбүрүн ылан барара үһү. Ону мөккүспэккэ төлүүллэр эбит.
Бурцев Константин Аммосович-Ньээмиит
Илин үрэххэ Чыраанай үөстээҕэр олорбут. Ньээмиит Көстөкүүн биир ат оҕуһу курулаабыт.
Онтукатын кыһын тыа саҕатыгар дал оҥорон, онно аһатан уоппут. Ол туруордаҕына, бастакы
хаар түспүтүн кэннэ, түүн тахсан киирэ сылдьан оҕуһун көрбүтэ, суох буолбут. Баран суолун
хайан көрбүтэ, сана түспүт хаарга киһи суола кэлэн оҕуһун ылан барбыт. Ону суоллаан ыһыы
бөҕөнү ыһыытаан, эккирэтэн сиппит, онтуката ыаллыы олорор дириҥ олохтоохторо Петуховтар
буолан биэрбиттэр. «Тоҕо оҕуспун уордугут, булгуччу аҕалыҥ» диэбитинэн, оҕус быатыгар түспүт.
Онуоха анарааҥҥылара былдьаһа барбатахтар. «Оттон эйиэнэ буоллаҕына ыл ээ», - диэбиттэр
уонна оҕуһун мөккүөрэ суох биэрбиттэр.
Ньукулаас Уус
Былыр «Тыаныкы» орто үрүйэтин айаҕар Копырин Николай Николаевич диэн ааттаах көмүс,
тимир ууһа киһи олорбут. Бу киһи күшгэ болгуо тимиртэн тыыран, бысталаан 12 устуука тэрээк
сүгэни оҥороро үһү. Онтукатын барытын хатыҥ маһынан уктаан бүтэрэр эбит. Ити онорбут
сүгэлэрин икки бырааттара Ньыкаандара уонна Андрей ыланнар куоракка илдьэ баран эргинэллэрэ
үһү. «Бу сэһэннэри 1992 саастаах Бурцев Иннокентий Прокопьевич сэһэргээбитэ».
Хоро отоһуттара, удаҕаттара, ойууннара
Ойууннар
Илин Бырдьаҕа былыр аатырар ойууттар үөскээн, олорон ааспыттар. Олортон улаханнара:
Кыһыл ойуун, Бөтүрүүһэ ойуун, Чараҥҥа Уйбааскы ойуун диэннэр бааллара үһү. Ньэмийээн
сирэ Малбаарыкыга Мохочоос ойуун, Мычаҥныыр ойуун.
Удаҕаттар:
Чараҥайга: Бэдэрдээх удаҕан, Сарыыкап удаҕан, Майаҕаска - удаҕан Хобороос.
52

