Page 40 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 40
Суон, модун сайдыыга тиэрдиэхтээх
Суоллубат суолталаах
Суолгунан баран ис, Эһэлээх!
Төттөрү кыдьыктан киэр турдун,
Төлкөтүн аартыгар суол буллун,
Төлкөлөөх олоҕор суол буллун,
Төннүбэт төлкөтө тосхойдун.
Сүргэтин сылааһын көрдөрдүн,
Сүрэҕэ сүрэхтиин өйдөстүн,
Сүргэтэ сүмэтин көрдөрдүн.
Ол уһун үрдүк сайдыыга тиэрдиэхтээх
Оол көстөр инники кимиилээх
Олоххор баран ис, Эһэлээх!
Улахан унньуктаах
Ол уһун сайдыыга кимиилээх.
Сайдарга тыа сирэ турунна
Сайдыыга тыа сирэ дьэ турда, дьэ барда,
Сайдыбат урукку уһунна, бырайда.
Ханна да сайдары көрөбүт,
Ханна да саҥаны сөҕөбүт.
Ааста дии сайдыбат эргэ кэм,
Аан аста сайдарга саҥа кэм.
Ыччатын дьэ саҥаны батыстын,
Ычалаах олоххо хаамыстын.
Түктэри кырдьыгы тумуннун,
Түмүктээх төлкөтүн булуннун.
Саҥаны олохтуур тирэҕин
Сайдыыга оччоҕо тиийэҕин,
Ол онтон хаалар дуол сатаммат,
Олохпут тохтууру буолуммат.
Сиэр-майгы бастыҥын иитиннин,
Сигили бэрдинэн симэннин.
Сиэр-майгы сылааһын көрдөрдүн,
Сиэр Айыы дууһата өҥсүйдүн иэйиинэн.
Сүрэх, быар, өй сылааһын көрдөрдүн,
Сүргэтэ сиэргинэн өҥсүйдүн,
Сүргэтэ-дууһата өҥсүйдүн.
Иэйиинэн, итиинэн өрөйдүн.
Сигили бэрдинэн өҥсүйдүн.
Ыччатым дьэ ол эмиэ хаалбатын,
Ычалаах олохтуун хаамыстын,
Дьылҕатын олоҕу батыстын.
Төттөрү кыдьыгы тумуннун,
Төлкөлөөх олоҕу булуннун.
Саҥаны баар гынар тирэҕин,
Сайдыыга эн баран истэҕин.
Онтон дуол хааларыҥ сатаммат,
38

