Page 21 - Уруйдуогун улуу кыайыыны
P. 21
МИН ДЬИЭ КЭРГЭНИМ - АҔА ДОЙДУ УЛУУ СЭРИИТИГЭР
Андросов Тимофеева
Спиридон Анастасия
Михайлович Григорьевна
А.Н. Жирков аатынан Бэйдшгэ орто оскуолатын
3-с кылааһын үөрэнээччитэ Айыына Андросова.
Салайааччы Мария Григорьевна Говорова
Мин, аныгы кэм оҕото, Аҕа дойду Улуу сэриитин
туһунан кинигэттэн, киинэттэн, дьон кэпсээниттэн истэн
билэбин. Хос эбэлэрбит, эһэлэрбит тустарынан ийэлээх аҕа-
быт биһиэхэ элбэхтик кэпсээбиттэрэ.
Аҕабынан хос эһэм Өлтөх нэһилиэгин олохтооҕо, сэрии бэтэрээнэ Спири
дон Михайлович Андросов Курскай-Орловскай Тоҕойго хорсуннук сэриилэс-
питин иһин Бойобуой Албан аат III степеннээх орденынан наҕараадаламмы-
та. Сэрииттэн аҥаар атаҕа суох эргиллэн кэлбитэ. Хос эбэбинээн Степанида
Лыткиналыын 14 оҕону улаатыннаран киһи-хара оҥорбуттара. Дойдутугар
холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Кини олоҕун туһунан оҕолоро «Эһиги
төрүүр дьолгутугар» диэн ааттаах кинигэ бэчээттэтэн таһаарбыттара. Ол ки-
нигэҕэ бииргэ алтыспыт дьонун, биир дойдулаахтарын ахтыыларыттан хос
эһэбит туһунан элбэҕи ааҕан билэбит.
Ийэм өттүнэн хос эбэм, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Анастасия Григорьевна Ти
мофеева сэрии сылларыгар мин саҕа оҕо эбитэ үһү. Дьоллоох оҕо саас диэ-
ни билбэтэх. Оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбиттэр, аччыктаан
элбэх киһи хоргуйан өлбүт. Кини бииргэ төрөөбүт убайа Петр Григорьевич
Тимофеев сэрииттэн эргиллэн кэлбэтэх. Хос эбэм убайын куруутун ахтарын-
саныырын туһунан ийэбэр харах уулаах кэпсээбит. Хос эһэбинээн сэттэ оҕоҕо
күн сирин көрдөрөн улаатыннарбыттар.
Мин дьиэ кэргэним хос эһэбинэн уонна хос эбэбинэн киэн туттар. Кинилэр
дьоллоох олох туһугар хорсун быһыыларыгар сүгүрүйэр. Мин төһө даҕаны,
кинилэри көрбөтөх буолларбын, кинилэри чугастык саныыбын.
- 79-

