Page 16 - Уруйдуогун улуу кыайыыны
P. 16

буолан, аймахтарым ыраах куоракка олорор буолан, элбэҕи билбэппит,
              хос-хос эһэм кэпсээннэрин чугас дьонум истибэтэхтэрэ.
                 Аҕам өттүнэн хос эһэм Дмитрий Гаврильевич Крылов II Аҕа дойдуну
              көмүскүүр Илиҥҥи сэриигэ кыттыбыта. Кини 1924 с. Хоро нэһилиэгэр
              төрөөбүтэ. 1944 с. сайын армияҕа ыҥырыллыбыта, Монголия Чойбал-
              сан куоратыгар 61-с мотострелковай полкаҕа байыаннай бэлэмнэнии-
            ^ни барбыта. 1945 с. от ыйыгар кыраныысса таһыгар биир ый бойобуой
              бэлэми ылан баран, икки суукканы быһа кумах истиэби туораабыттар,
              ол туһунан элбэҕи кэпсиирэ үһү, эр киһи тулуура, саха сахата онно бил-
              либитэ диэн этэрэ үһү. Оннук айаннаан Хинган хайаларыгар кэлбиттэр.
              Бу түмүгүнэн И.В. Сталинтан махтал ылбыттар. Сэрии бүппүтүн Чань
              чунь (Кытай) куорат таһыгар сылдьан истэн, үөрүү бөҕөтө буолбуттар.
              Салгыы армияҕа сулууспатын Читаҕа барбыта. Дойдутугар 1950 с. тон­
              ной кэлэн автошколаҕа үөрэнэн суоппар идэтин баһылаан суоппарынан
              үлэлээбитэ. Мин хос эһэм Дмитрий Гаврильевич кыайыыга кыра да буо-
              ллар кылаатын киллэрсибит, биһиги эйэлээх олохпутун уһансыбыт диэн
              саныыбын.
                  Кыайыы күнэ биһиги дойдубутугар билигин саамай сүрүн
              бырааһынньыкпыт. Сэрии туһунан өйдөбүл норуоппутун барытын биир
              сомоҕо гына түмэр. «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!» диэн тыл-
              лары бары билэбит, биһиги ыраас, дьоллоох олохпут туһугар Кыайыыны
              аҕалбыт дьоммутугар махталбыт муҥура суох!































                                             - 74-
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21