Page 153 - Майаҕатта Бэрт Хара
P. 153
....... :_____ .
1 Илдьит уол: Чэ, чэ ону-маны ыаһахтаһа кэлбэтэхпит, ол тоҕус сыл босхоҥ буолан сып-
пыт хаампат уол хантан кэлэн күүстэммит үһү, уолуҥ ханна баарый? Сураҕа наар күөл ыама-
тын эрэ бултуур дииллэр дии... (алларастыыр).
Эбэрикээн эмээхсин (эмээхсин уордайан туран кэлэр): Эн, бу туох ааттаах оруо-маһы
ортотунан тыллаах-өстөөх урдус кэлэн тураҕын, илдьити илдьит курдук, Дыгын тойон ил-
дьитин киһилии тиэрдэн этиэххин. Төһө да дьадаҥы ыал буолларбыт, баччаҕа диэри бэйэби-
тин кимиэхэ да атаҕастаппатахпыт. Мин босхоҥ сыппыт уолум эн күлүү-элэк оҥостор киһитэ
буолбатах... (диэбитинэн эмээхсин бөдөк бэйэтинэн туран кэллэ).
2 Илдьит уол: Кырдьаҕас эдьиийбит, алы тын, бу киһи тылын. Майаҕатта Бэрт Хара диэн
босхоҥ сыппыт бухатыыр күүстээх уолу булан аҕалыҥ диэн Дыгын илдьит ыытта. Дыгын то
йон сэриигэ эдэр боотур уолаттары мунньан эрэр. Онон биһигини кытта барсыа үһү.
Эбэрикээн эмээхсин: Дьэ, нокойдоор, сыыһа-халты тыллаһан киирэн бысталаныах
дьоҥҥут. Ама да, Дыгын тойон илдьиттэрэ буолларгыт дьону кытта киһилии кэпсэтэр үгэһи
умнумаҥ. Сэнээбиккититтэн сэттэҕитин ылыаххытын сөп. Оҕом Байаттыман баччаҕа диэри
балаҕаныгар сыттаҕа диэтэххит дуу, хара ойуурун буурдуу, кыыс кырдалларын кылыыҥкай-
дыы ала күн тыгыан эрэ иннинэ барбыта. Тыаттан ойууртан булларгыт, сөбүлэҥин ылларгыт
илдьэ барыҥ. Саннытыгар бастаах киһи бэйэтэ быһаарыаҕа, эһиги илдьиккитин.
2 Илдьит уол: Ээ, эдьиийкээн, оттон дьиэлээх-уоттаах киһи сотору кэлэрэ буолуо дии.
Итиннэ таһырдьа тэлгэһэҕэ кэтэһэрбитин көҥүллээ. Тойоммут кинитэ суох кэлимэҥ диэбитэ
(тахсан бараллар).
1 илдьит уол: Ити эмээхсинтэн куттанныҥ да? Эбэтэр ол босхоҥ атахтаах уолтан дуу...
тугу гыныахтарай, иккиэннэрин тараччы тутан илдьэн тойошго биэриэххэ да, онон бүтэр
буоллаҕа.
2 илдьит уол: Мээнэ тыллаһан бүт. Мин истибиппинэн 4-5 эр киһиэхэ бэриммэт күүстээх
үһү, ол салаҥ ыарыһах эбитэ буоллар, Дыгын тойон тоҕо наадыйыай, акаары.
АЛТЫС КӨСТҮҮ
Эбэрикээн эмээхсин: Тыый, ол Дыгын тойоммут истэ охсон, ооккобун Байаттымаммын
ылаары гыннаҕа. Оо, дьон кэпсии оҕустахтара. Ооккобун төрүөҕүттэн бэйэм аттыбар эрэ
сылдьар аналлаах, дьон тылыттан, дьон хараҕыттан кистээн ииппитим. Бу Кыһыл кырдал-
быт туонатыгар, Кыыс Хаҥа алааспытыгар бүччүм сир диэн олорбуппут, хайа баарый, тойон
киһи истэ-билэ оҕустаҕа. Бу сааһым тухары иһиттэхпинэ Дыгын тойон бэйэтин алта уолун
таһынан араас улуустартан тойоттор уолаттарын ылан ииттэр дииллэрэ. Ол мин соҕотох ха-
раҕым дьүккэтин, күн-ый оҥостубут оҕобор тоҕо да хараҕын хатаата буолла?.. Үс кыыстаах
дииллэрэ. Баҕар кыргыттарыгар күтүөт көрдүүрэ дуу? Кыргыттарын ааттарын истибит суох,
дьон-сэргэ тылынан Дыгын кыргыттара диэн кэпсииллэр дии. Дыгын тойон баһылаабы-
та-көһүлээбитэ да быданнаата. Дьэ, бээ оокком, бэйэтэ кэлэн быһаарсар ини. Ити икки салаҥ
илдьит уолаттары кытта баҕас быһаарсыаҕа...
1 илдьит уол: Эбэрикээн эмээхсин, хайа, күн арҕаалаан эрэр, уолуҥ ханнаный бу?
Эбэрикээн эмээхсин: Кэлэр кэмигэр кэлиэҕэ. Туох айылааҕын ыксаатыҥ... (ол турдаҕы-
а I
на илдьит уолу түкнэри анньыбытынан Майаҕатта киирэн кэлэр).
Майаҕатта: Хайа, бу ханнык бытааһах кэлэн ийэлээтэр ийэбэр бардьыгыныы тураҕын?
(Охсоору гынар, уол таһырдъа ыстанар).
Эбэрикээн эмээхсин: Тоойуом, бээ, уордайыма. Илдьит уолаттар кэлэн ити эйигин кэ-
тэһэ сылдьаллар. Дыгын тойон ыҥыттарбыт үһү. Бара охсуон үһү.
Майаҕатта: Истибитим, сураҕа буойун оҥостоору уолаттары мунньар үһү. Онно бу ман-
нык салаҥ дьону ыытар буоллаҕына, буойуттара бары маннык ньамнарыйбыт дьон дуу... Бу
маннык дьону кытта барбаппын, бэйэм тиийиэм, иннибэр-кэннибэр тирээбил наадата суох...
Баран сирэй кэпсэтиэм. Ити таһараа ампаарга тымтайбар толору сыалаах собо Төҥүлү эбэ
күөлүттэн бэриһиннэрбитин сүгэн аҕаллым, астаар ийээ.
Эбэрикээн эмээхсин: Тоойуом, оччоҕо ол Дыгыҥҥа барардыы соруннуҥ дуо? (Ийэтэ
айманар). Атаххар турбут үөрүүгүнэн дьоллонон сылдьарым, эн ыраата бардаххына хайдах
сүрэҕим тулуйуой?!
Майаҕатта: Ийээ, айманыма, тиийэн көрсөн быһаарсыам уонна кэлиэм (ийэтин уоску-

