Page 154 - Майаҕатта Бэрт Хара
P. 154

тар). Хата, тахсан балыккын астаа, сибиэһэй собо сиэм этэ.
             Эбэрикээн эмээхсин:  Оҕом баҕатын ханнаран Төҥүлү эбэ минньигэс балыгын буһаран
         бөҕө буоллаҕа... (тахсар).
             Майаҕатта (улахан наара оронугар сытар):  Аата,  илдьиккэ ыыппыт да дьонноро баар
         ээ...  Бээ  эрэ,  ыныран  киллэрэн  оттон  кэпсээннэрин  истиэххэ,  туту  илдьиттииллэр  эбитий
         (тахсан илдъитуолаттары үөгүлүүр): Уолаттаар, кэлиҥ эрэ. Киириҥ.
             1 илдьит уол (куттаммыт сирэйдээх-харахтаах): Биһиги ити, илдьит этэ кэлбиппит...
             Майаҕатта: Туох илдьитин, сиһилии кэпсээҥ, истиэҕи.
             2 илдьит уол: Эркээни хонуутун саамай хотугу уһугар Куллатыга олорор тойоммут Ды-
         гын эн тускунан истибит этэ. Ону истэн: «Миэхэ бөҕө-таҕа боотур уолаттары иитэрбэр, оннук
        уол баара буоллар»,— диир. «Үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэт, аннынан күүдээх кутуйаҕы
         аһарбат. Илиилээх бөҕөтө, атахтаах быһыйа эдэр уол киһи, Кыыс Хаҥа сиригэр балаҕаннаах,
        тоҕус сыл босхоҥ сыппыт, Эбэрикээн эмээхсин ийэлээх, түөрт кос сирдээх Мүрү алааска кус-
        туур, биэс көстөөх Төҥүлү күөлүгэр тиийэн  балыктыыр,  хоппо курдук улахан тымтайдаах.
        Сайын өрүһү туорууругар дүлүҥнэри кэккэлэтэн, болуот оҥостон өрүһү быһа эрдэн туоруур
        сураҕыран олорор боотуру булан аҕалыҥ»,— диир, туох илдьити Дыгын тойоҥҥо тиэрдэбит.
        Кырдьык, быһыыҥ-таһааҥ да бөдөҥө тойон боотурдарыгар киирсэр көрүҥнээх эбиккин.
            Майаҕатта: Сураҕырар, аатырар Дыгын тойон илдьитин болҕойон иһиттим. Көрбүккүт
        курдук кырдьаҕас ийэлээхпин, самнан эрэр балаҕаннаахпыт.  Бу балаҕаммын кыстык кэлиэр
        диэри саҥалыы туттаары хара тыаҕа баҕана бэлэмнии сылдьабын. Ийэбэр саҥа балаҕан, ам-
        паар тутан аны күһүөрү бастакы хаар кыыдамын саҕана тиийиэ диэн тиэрдиҥ. Мин сэрииһит
        боотур буолбатахпын тута этэбин, ол эрээри эппит тылбын энчирэппэт майгылаахпын.
            2 илдьит уол: Ылыннарыылаах тыллаах эр бэрдэ эбиккин. Сөп, сити курдук Дыгын то-
        йоҥҥо тиэрдиэхпит (тахсан бараллар).
            Майаҕатта: Дыгын тойон туохха ыҥыттардаҕа буолла. Боотурдары иитэр диэн истиби-
        тим. Хаста да сэрии тэринэн сэриилэспитин эмиэ истибитим. Урукку төрүт өбүгэлэрим «өһөх
        ууһа»  диэн  сахалар  аҕа уустара  бэйэлэрэ  билэллэринэн  олороору утарса  сылдьыбыттарын
        туһунан ийэм кэпсиирин өйдүүбүн. Онон ити Дыгын орто омурҕаныгар диэри өрүү сэриигэ
        сылдьыбыт сэрииһит буоллаҕа. Билигин истэрбинэн 200-чэкэ буойуннаах дииллэр. Ол гынан
        баран үгүс аҕа уустара кинини талан, Дыгын былааһа олохтонон, билигин холкутук олорор
        дииллэр.  Сахсарыма күөл кытыытыгар кыстыктаах,  Үрүҥ Күөлгэ сайылыыр сирдээх диил­
        лэр... (ол сытан мунна хаһыҥыраан утуйан хаалла).
            Эбэрикээн  эмээхсин  (соболоох киирэр):  Ии,  оокком  мае  мастаан  сылайаахтаабыт дии,
        бээ, эрэ ити илдьит уолаттарга туох диэтэ буолла. Тоҕо эрэ бэрт сорунуулаахтык тахсан бар-
        дылар.  һуу, оҕокком барабын диэн турдаҕына туох да тохтоппот дьэ, баҕар балаҕанын тут-
        тар  буолан  барыа  суоҕа  (остуолга ыһаарыламмыт бодон  соболорун хоторон уурталыыр).
        Дьэ, оҕом  барахсан сотору киэҥ-куоҥ сырдык балаҕан уораҕайы туттуо, ампаар тутуо. Дьэ,
        оччоҕо быр-бааччы иистэнэ, сир астаан хаһаана, үөрэ оттоон олоруохпут этэ буоллаҕа.  Он-
        тукам баара ити, Дыгын тойон истэ-билэ охсон оҕобун ыҥыттарбыт. Оҕом төрүкү улаханнык
        тымтар, кыыһырар да диэни билбэт, айылҕа тугу биэрбитинэн сылдьар киэҥ көҕүстээх буол-
     Ц<  лаҕа.  Дыгын  тойон  сүрдээх  ордуос  сэрииһит  киһи  үһү  уруккута.  Аны  оҕобун  онно-манна
        ыытан кэбиһэрэ буолуо (ытаары гынар. уол уһуктан кэлэр).
            Майаҕатта: Ийээ, эчи, үчүгэйин соркуойдаммыт балыгым сыта. Чэ, аһыахха.
            Эбэрикээн эмээхсин: Аа, аһаа тукаам (ийэтэ антах хайыһар).
            Майаҕатта:  Оттон эн, ийээ?.. Иккиэн өрүү аһааччыбыт дии, эйиэхэ анаан бу бөдөҥ со-
        болору аҕалбытым.
            Эбэрикээн  эмээхсин:  Ити  Дыгын  Тойон  илдьитигэр  туох  диэн  эттиҥ?  Сотору  барар
        буоллаҕыҥ дуу, балаҕаммыт хаалаахтаатаҕа...
            Майаҕатта:  Ийээ,  ытаама.  Хайаан  ийэбин соҕотохтуу хаалларан  барыамый?  Балаҕам-
        мын, ампаарбын туттан баран бастакы тоҥорууларга тиийэн кэпеэтиэм диэн илдьит ыыттым.
            Эбэрикээн  эмээхсин:  Ии, оокком сыыһа сөпкө этэҕин.  Ийэтин саныыр буоллаҕа дии...
        Бээ, эрэ оттон Дыгын тойон туохха ыҥыттарбыта буолла... Дьиксинэбин ээ.
            Майаҕатта:  Дьиксинимэ,  кэпеэтиэм  ийээ.  Балаҕаным  бэрэбинэлэрин  барытын  кэрдэн
        бэлэмнээбитим,  сарсышгыттан  саҥа  балаҕаммын  тутан  саҕалыам,  улахан  ампаар  тутуом.
        Дьэ, онтон үлэбин барытын бүтэрдим да, Дыгын тойоҥҥо баран кэлиэм.
   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159