Page 58 - Нэһилиэк төһүү дьоно
P. 58
Эрэйдээх киһи олоҕо да эрэйдээх диэн сахалар этээччилэр.
Баҕар ол хаһан эмэ оруннаах буолуо. Хонооһой тус бэйэтин олоҕо
наар табыллан испит буолбатах этэ. Бастаан кэргэнэ оҕолонон
тахсаат тымныйан, ыалдьан өлбүтэ. Ол барахсан дьиэ иһигэр-
таһыгар үлэлиирэ, ол да курдук умуһахха киирэн оҕотугар үүт-ас
ыла сылдьан тымныйбыта. Онон Хонооһой уу-ньирэй оҕоту-
наан, хараҕа суох ийэтинээн үһүө хаалбьптара.
Ыаллыы нэһилиэгиттэн иккиһин кэргэннэммитэ. Ол эмиэ
уһаабатаҕа. Төрүт ыалдьар буолан түүйүннэҕэ дуу? «Эн олоххун
мин мэһэйдиирим табыллыа суох, бэйэбин бэйэм билинэбин,
онон уот сылааһына арахсыах», — диэхтээбитэ, элэ-была тылын
этэн көрдөспүтэ. Киһи күүһүнэн хайдахолохолоруой? Онондьах-
тар баҕатын хоту буолбута. Киниттэн биир кыыс оҕо хаалбыта.
Онон Хонооһой олоҕо улам ыараан иһэргэ дылыта. Ол эрээри
кини дьылҕа и ги охсууларыттан чугуйан турбатаҕа. Олоххо дьу-
луур баар. Илиитин эрчиминэн, өйүн күүһүнэн эрэнэрэ улам
улаатан испитэ. Кини күүһэ-күдэҕэ, сатала хайдах да муомуруон
табыллыбатэтэ. «Сүүрэруу ырааһырар, хоммутуу сытыйар» диэн
этээччилэр норуокка, син оннук Хонооһой үлэтэ-хамнаһа ордук
сытайан, абаран-сатаран турбута. Сирэйэ-хараҕа суох дохсуннук
үлэлээбитэ. Биир сайын 1372 тонна оту кэбиспитэ. Ити соҕотох
киһи харытын күүһүгэр элбэх үлэ буолар. Убайын курдук санаа-
быт Мэхээлэ Павлов оҕонньор: «Хонооһой, арыыны арыый
кыраны сиириҥ буоллар, саатар бүтүн ыстааннаах буолуоҥ этэ»,
— диэн этэн турар. Итини санаатаҕына Хонооһой билигин сон-
ньуйар. «Ол бүтүн ыстааннанаары кэччэйэн аһаабытым буоллар,
билигин баҕарбуордаанныгарсытарбуолуом этэ», — диир. Кыр-
дьык да, оннук. Күүстээх үлэ киһи доруобуйатын эмэрэ манан үһүө?
Хонооһой чугастыы олорор Бээрийэттэн биир кыыһы ыйы-
тар. Кыыс тылын биэриэхчэ биэрбэт. Барытыгар собүлэһэр кур-
дук эрээри быһаара охсубат. Билигин отуттан тахса сыл бииргэ
олорон баран эйэргээн этэр.
— Өлөөнчүкпүн үстэ кырынан ылбытым. Аны дю ыытарбиллибэт.
Өлөөнчүк кэлиэҕиттэн ыла, сааскы айылҕа тиллэрин курдук,
бу ыал олоҕотосту уларыйан барар. Икки үлэһитдьон сүбэлэрин
холбоон хайа-хайалара хойутаатаҕына ахтыһан, баччаҕа кэлли-
лэр. Тоҕус оҕону иитэн сүһүөхтэригэр туруордулар. Оҕолор ба-
рахсаттар «эйиэнэ-миэнэ» дэһиспэккэ тэбис-тэҥҥэ сабдыгыра-

