Page 26 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 26
МҮРҮ нэһилиэгэ
оҕолоро, кинилэр ааттара, тыыл бэтэрээннэрин курдук тэҥҥэ ааттаналлара сөптөөх
дьыала.
Ахтыыны суруйда быир дойдулааҕа,
СХТ-га өр сыл бииргэ үлэлээбит үлэ бэтэрээнэ
Кириллова Валентина Николаевна
Гоголев Захар Захарович
Мин 1938 сыллаахха атырдьах ыйын 18 күнүгэр Тойон Мүрү
арҕаа куулатыгар Эбэттэн аҕыйах хаамыылаах кырдалынан
быыһаммыт Маарыйа диэн кэрэ ааҥгаах сайылыкка холкуостаах
дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланыытын бу диэн
өйдөөбөппүн. Ол эрээри сотору кэминэн чугас хаан-уруу дьом-
мут, ыалларбыт аҕалара, оҕолоро сэриигэ барыыларын атаарыы
харах уулаах күннэрин чопчу өйдөөбүтүм.
Ийэм, ыанньыксыт буолан, кыһыннары-сайыннары ферма
дьиэтигэр хас да ыал дьукаахтаһан олорорбут. Онон мин кыра
оҕо сааһым ферма дьиэтин көмүлүөк оһоҕун холумтанын инни-
гэр ааспыта. Онно туран эрэ ийэм иһиккэ кутан биэрбит суора-
тын сиирим. Ол кэннэ хараарбыт чоҕунан, мас сыыһынан оонньуурум. Тоҥон турбут
кэннэ көмүлүөк оһох сылааһа олус да үчүгэй, тартарыылаах буолара...
Кэлин ийэм: «Сарсыарда таҥыннара турдахпына, суораппын оһох иннигэр сиэм
диэн үлэһэр этиҥ», — диэн этэрэ.
Оччотооҕу оҕолор бары да, борбуйбутун көтөҕөөт, дьиэ ис-тас үлэтигэр дьоммутугар
илии-атах буоларбыт. Мин, 5-тэн буолуо, хотоҥҥо ийэбин батыһан тахсан ньирэйдэр
саахтарын күрдьэҕинэн тарыйсан көмөлөспүтэ буоларым. Кыһынын ынах ыырыгар
уоттаах тымтык тутарым. Бу тымтык тутуута бэрт эппиэттээх, мучумааннаах үлэ этэ.
Уоккун олох умулларыа, ийэҕин хараҥаҕа муннарыа суохтааххын. Ол инниттэн сөп-
сөп тымтыккын кырыатаан, сиэммит өттүн түһэрэн иһиэхтээххин. Ол сороҕор кыай-
тарбакка мүччү-хаччы туттуу буолара.
Мин 6 сааспыттан илдьиккэ сылдьыбытым. Эн манна түргэнник сылдьыахтааххын,
илдьиккэ этиллибит тыллары чуолкайдык өйдүөхтээххин, чуо-бачча этиэхтээххин.
Эмдэй-сэмдэй оҕолор син элбэх этибит да, тоҕо эрэ миигин элбэхтик илдьиккэ ыытал-
лара. Фермаларынан, алаастарынан аҕыйахтык хааман, элбэхтик сүүрүүнэн сылдьа-
рым. Улахан киһи эттэ да утары этии кэлиэ дуо. Ээх диэт, тилэҕиҥ хараара турар буол-
лаҕа. Оччолорго иитии, өйдөтүү-такайыы оннук этэ.
Ити кэмҥэ эдьиийим Нюта от кэбиһиитигэр оҕус сиэтэр этэ. Аны эдьиийбин
солбуйа 2-3 хонукка оҕус сиэтэ барар буоллум. Биир сарсыарда аҕам ат самыытыгар
олордон кэбиһээччилэр баар алаастарыгар илдьэн биэрдэ, эдьиийбин дьиэтигэр илтэ.
Үлэһиттэр: «Улахан да киһи кэлбит», — диэн күлсэллэр. Дьэ, мин 3 күн оҕус муннун
кытга эрийсэн син этэҥҥэ сырыттым. Итинник 6 саастаахпар от үлэтигэр сүрэхтэнэн
турабын. Ити сайын 3 төгүл эдьиийбин солбуйбутум. Сэрии бүппүт сайыныгар от
үлэтигэр толору оҕус сиэтэн үлэлээбитим. Мин курдук кыра, мөлтөх киһиэхэ оҕус да
сиэтиитэ чэпчэкитэ суох үлэ этэ.
Төннө түһэн эбэн эттэххэ, ферма дьиэтин биир муннугар киһи саҕа үрдүктээх сэп-
пэрээтэргэ үүт сүүрдэллэрэ. Онно халбыыр үүт күүгэнэ бөҕө тахсара. Ону биһиги,
оҕолор, ким ньуоскалаах, ким кыра хамыйахтаах баһан сиэн лэбиргэтэн кэбиһэрбит.
Син топпут курдук буоларбыт.
Сааһын ийэлэрбит кыһын сиэммит эт уҥуоҕун охсон (кыратытан) таһырдьа уокка
оргуталлара. Ол хоргунун арыы оҥостон сиирбит. Атын өттүн тирии имитэргэ оҕунуох
22

