Page 24 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 24
МҮРҮ нэһилиэгэ
«За работу без аварии III степени» знагынан наҕараадалаабыта үлэбин сыаналаабытта-
рын туоһута.
Суоппар киһи дьиэҕэ-уокка сылдьар ыатдьыт, хонор хоноһо кэриэтэ. Суоппар олоҕо
көлүөһэ үрдүгэр дииллэр. Онон мин таһаарыылаахтык үлэлээһиним мин эрэ ситиһиим
буолбатах. Кэргэним Зоя Захаровна үтүөтэ-өҥөтө улахан. Кини баар буолан дьиэ-уот,
үөрэнэр атта оҕо иирбэ-таарба кыһатҕатарын билбэтэҕим.
Биир үтүө өйдөбүл — сайынын от үлэтин кэмигэр шефтээх сопхуостарбытыгар
субуотунньуктарга үлэлии тахсар кэмнэрбит. Биһиги сибээс кэлэктиибэ Баатаҕайга,
Бэйдиҥэҕэ тахсан оттуур этибит. Биһигини кытта бииргэ үлэлээбит, билигин суох
буолбут дьоннорбутун ахтан-санаан ааһар, ааттарын ахтар сөп буолуо дии саныыбын.
Урукку ЛТЦ үлэһиттэрэ: Попов Николай Иванович, Белямов Василий Кириллович,
Слепцов Михаил Романович, Арсентьев Николай Дмитриевич, Тумусов Георгий Ми-
хайлович, монтердар: Алексеев Николай Дмитриевич, Андросов Николай Николае-
вич, Бочкарев Семен Иннокентьевич, Бурнашев Никанор, Оконешников Иннокентий
Афанасьевич, Лебедкин Николай, Готовцев Валентин Иннокентьевич, Дегтярев Влас,
Бережнев Василий Михайлович; телеграфисткалар: Бурнашева Варвара Матвеевна,
Арсентьева Елена Даниловна. Бу дьоннордуун сибээскэ үлэлиир кэммитигэр бииргэ
алтыспыппыт.
1983 с. кэргэмминээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан, үлэ, сибээс бэтэрээннэрэ
ааты ылбыппыт.
2008 с. от ыйын 8 күнүгэр биһиги Винокуровтар дьиэ кэргэҥҥэ улахан бэлиэ түгэн
буолан ааспыта. Ол күн СӨ ЗАГС-н дьиэтигэр «Дьиэ кэргэн: таптал уонна эрэл» күнү-
гэр аналлаах «Таптал уонна эрэл иһин» диэн Россия Президенин кэргэнэ Светлана
Медведева төрүттээбит мэтээлин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттара.
2010 с. кэргэмминээн Зоя Захаровналыын 60 сыл бииргэ олорбут бэлиэбитин —
бриллиантовай сыбаайбаны 6 оҕобутунаан, 11 сиэммитинээн, 4 хос сиэммитинээн,
аймах-билэ, доҕор-атас дьоннорбутунаан үөрэ-көтө бэлиэтээбиппит.
Винокурова Арлета Григорьевна
Арлета Григорьевна Уус Алдан улууһун Мындааба бөһүөлэгэр
кийиит буолан олорбута 54 сыла туола охсубут. Кини 1945 с.
муус устар 20 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун уһук Бэс Күөл диэн
дэриэбинэҕэ холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ бүтэһик 5-с оҕонон
төрөөбүтэ. Ийэтэ Пелагея Петровна Нектигяева, аҕата Худаев
Григорий диэннэр. Ийэтэ холкуос чулуу ыанньыксыта, аҕата
булчут быһыылаах. Икки улахан убайдааҕа, икки эдьиийдээҕэ,
эмиэ сэрии сылын оҕолоро буолуо эбиттэрэ буолуо. Хороччу
улаатан эрэр оҕолор сэрии сылыгар улахан дьону кытта бииргэ
үлэлээн-хамсаан холкуоска күүс-көмө буоллахтара. Бу кыракый
дэриэбинэттэн сэриигэ 40-тан тахса эр дьон ыҥырыллан бар-
бытыттан, аҕыйах киһи төннөн кэлбит эбит. Ханна да буола-
рын курдук, холкуоска дьахтар аймах оҕону-урууну дьиэни-уоту умнан туран үлэлии
бараллара. Бу кыра оҕо барахсаны бөлүөҥкэҕэ дэлби чороччу суулаан баран сытыаран
хааллараллар эбит. Оҕо барахсан ытаан-ытаан сэниэтэ эстэн утуйан хаатбыт буолар
үһү. Улахан оҕолор ыраах Токко оскуолатыгар интэринээккэ олорон дойдуларыгар
каникулга эрэ кэлэн бараллар,
Дьахталлар сүөһү, хотон ыар үлэтин барытын үлэлээбиттэрин, атынан, оҕуһунан
ыраах сиртэн от-мас тиэйэр эрэйдээх сырыыларын ийэм кэпсиир буолара. Сэрии
сылыгар олохтоох дьоҥҥо политүөрэхтээһин буолар эбит. Холобура, хайыһары кэтэр
мас паалканан анньынан хайыһардыыллар эбит. Үлэ чааһын тутуһуу, сайын сүөһү
20

