Page 25 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 25
МҮРҮ нэһилиэгэ
аһын бэлэмнээһин, от оттооһун курдук үлэлэри үлэлииллэр эбит. Күһүн -биһиги дой-
дуга бэйэлэрэ бурдук үүннэрэн, хомуйан, ыстаабыллаан, саас молотилкалаан, ыраас-
таммыт бурдугу хатаран, бурдук тардар гааска мээккэлээн килиэп буһаран сииллэр
эбит. Бу эмиэ туһунан тыыннаах хаатар туһугар күүстээх үлэ буоллаҕа.
Сэрии сылын оҕолоругар, биирдии олохтоох дьоҥҥо байыаннай нуорма баар эбит бу
Бэс Күөлүгэр. Чаара өрүс саас халааннаан турар кэмигэр борохуоттар Бодойбоҕо көмүс
хостуур дьоҥҥо ас-үөл, туттар тэриллэрин тиэрдэр эбиттэр. Онно устар борохуоттар
маһынан оттуллан мотуордара үлэлиир, Ол иһин биэрэккэ бэлэмнэммит мастары тиэ-
нэн айанныьилар үһү. Олохтоох дьон биэрэккэ нуормаларын быһыытынан бэлэм-
нииллэр, Биһиги диэки мастара үксэ харыйа буолан, сымалата эрбиигэ сыстан эрэй-
диир этэ диэн кырдьаҕастар кэпсииллэр.
Фермаҕа кыһын биһиги хас да ыал буолан саха балаҕаныгар дьукаахтаһан олорор
этибит. Бары сүрдээх эйэлээхтик, оҕолор дьиэ үлэтин үллэстэн үлэлиирбит. Улахан
оҕолор таһырдьааҥҥы үлэни толороллоро. Доҕуур оностон туллуктаан, элбээтэҕинэ
буһаран сиирбит.
Дьоммут киэһэ биирдэ кэлэллэрэ, онтон ийэлэрбит түүннэри тирии имитэн таҥас-
сап тигэллэрэ. Онно түүн хойукка диэри лаампа уотугар иннэлэригэр сап угар этибит.
Арлетталыын иккиэн оскуолаҕа сүүрэрбит, ферматтан дэриэбинэҕэ диэри балай да
ыраах этэ.
1955 сылга Токкоҕо оскуола-интэринээт аһыллан, чугастааҕы нэһилиэктэр оҕолоро
мустан үөрэнэр буолбуппут. Биһиги, Бэс Күөлүн оҕолорун, анаан Ан-2 сөмөлүөтүнэн
илдьэллэрэ. Дьиэбитигэр уһун каникулга эрэ кэлэрбит. 7-8 кылааска үөрэнэ сырыт-
таҕына, Арлета ийэтэ ыалдьан өлбүтүн туһунан сурах кэлбитэ. 8-с кылааһынан оскуо-
ла-интэринээттэр сабыллан, үөрэнэр оҕолор үрүө-тараа барбыппыт. Арлетаны тулаа-
йах диэн, Дьокуускай куоракка иискэ үөрэтэр 8 №-дээх СПТУ-га аҕалбыттар. Онно
икки сыл үөрэнэн баран, Уус Алдан бытовой комбинатыгар хас да кыыс буолан үлэлии
кэлбиттэр. Кыргыттары кытта биир дьиэҕэ олорон үлэлээбиттэрэ. Мин эмиэ Уус Ал-
дан СХТ үлэлии сылдьар кэмим этэ. Биирдэ Бороҕоҥҥо көрсө түһэн, үөрүү-көтүү,
хаһан эрэ сүтэрсибит аймахтыылар курдук буолбуппут. Онтон ыла биир да өрөбүлү
аһарбакка, Мындаабаҕа кэлэн билсэн барара. Өрөбүл күн киинэҕэ, таансыга сылдьан,
Мындааба уолун Афоня Винокуровтыын билсэн ыал буолбуттара. Афоня, эмиэ сэрии
сылын оҕото, бэрт холку майгылаах, үлэһит бэрдэ этэ. Суоппар идэлээҕэ, СХТ-ҕа өр
сыл суоппардаан баран улахан өрөмүөннүүр мастарыскыайга массыыналар мотуорда-
рын оҥорор сыахха бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Арлеталаах Афоня ыал буолан,
уһаайба ылан, улахан дьиэ туттан үс уолланан, сүөһү ас ииттэн мааны үлэһит ыаллар
буолтара.
Арлета Григорьевна СХТ-ҕа хонтуораҕа техүлэһит буолан биэнсийэҕэ тахсыар диэри
үлэлээбитэ.
Арлета — кыра эрдэҕиттэн бэрт көрдөөх тыллары саҥартаан дьону сэргэхситэр киһи.
Билигин да мустан кэпсэттэхпитинэ, быара суох күлсүү буолар. Наһаа сымнаҕас майгы-
лаах, айылҕаттан мааны сэбэрэлээх, саха дьахтарыгар төлөркөй, мыылай маҕан, сүүрэ-
көтө сылдьыбатар да дуоспуруннаах киһи. Элбэх доҕоттордоох, Мындаабатын туһугар
диэн сүрдээх актыбыыс, араас субуотунньуктарга көрдөөх-нардаах киһи буоллаҕа.
Үс бухатыыр уола — бары ыал, үлэһит дьон. Амарах эбэ буолан сиэннэригэр
көмөлөһөр. Улахан уол Степан, аҕатын туйаҕын хатаран, суоппар идэлээх. Саха сирин
хоту улуустарыгар араас таһаҕаһы тиэрдэр киһи. Орто уол кэргэнинээн ийэлэрин кыт-
та Мындаабаҕа олороллор. Кыра уол Дьокуускай куорат улахан тэрилтэтигэр ГРЭС-кэ
үлэлиир.
Арлета Григорьевна, Афанасий Афанасьевич Винокуровтар, иккиэн сэрии сылын
21

