Page 260 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 260

ТҮҮЛЭЭХ нэһилиэгэ

            оҕото  Афанасий  Кононович  Алексеев  быйыл,  Улуу  Кыайыы  үбүлүөйдээх  сылыгар  85
            сааһын  туолла,  биир  дойдулаахтарын  ытыктабылларын  ылан  «Гражданскай  килбиэн»
            бочуоттаах бэлиэ  кавалера буолла.
                                                    Мария Атексеева  (Решетникова)-Арылы Дуйдаах,
                                            С Ө   до р уо буй а   х а р ы ст а б ьи ы н   уо н н а   кул ы п ур а т ы н   т уй гун а,
                                                                        М едиц и н а  н ац и он альн ай   киинин
                                                                        у р д у к у   к а т его р и я л а а х   бы рааһа,
                                     К ли н и ческэй   ки ин  т эр и й эр -м ет о д и н еск а й   сал аат ы н   сэби эди ссэй э,
                                                        С Ө   суруй аачч ы лары н   сой ууһун   чилиэн э,  бэйиэт


                                   Алексеев Дмитрий Степанович

                                       «Таайым  Мэхээс  сэрииттэн  кэлбитин  үчүгэйдик  өйдүүбүн.
                                    Ол  күн  эбэм  алаадьы  астаабыта.  Бука,  кэлэрин  эрдэттэн  билэр
                                    эбит  буоллаҕа.  Онтон  көрбүтүм  доҕор  —  маҥан  атынан  сиэл-
                                    лэрэн  нуучча  биэлсэрин  кытта  биир  киһи  кэллэ.  Онуоха  били
                                    кырдьаҕас  диир  эбэм  сүүрэн  тэлээрбэтэ  дуо  уонна  моонньугар
                                    иилистэ  түстэ.  Ол  таайым  Мэхээс  уоттаах  сэрииттэн  эргиллэн
                                    кэлбит дьоро  күнэ  этэ.  Биэлсэр:  «Эмээксин,  уолуҥ  кэлиэ диэ-
                                    битим  дии»,  —  диэн  саҥарара  бу  билигин  да  иһҥътэргэ  дылы.
                                    Ол  бааһыран,  эмтэнэн,  госпитальтан  Кыайыы  буолбутун  кэн-
                                    ниттэн  быдан  буолан  баран  кэлбитэ.  Ол  иһэн  поездка  мэтээл-
                                    лэрин  уордарбыт.  «За  освобождение  Белоруссии»  диэн  мэтээ-
                                    лин  Жуков  бэйэтинэн  туттарбыт эбит»,  — диэн  кэпсиир сэрии
           тулаайаҕа Дмитрий Степанович Алексеев.
              Д.С.  Атексеев  1940 с.  от ыйын  11  күнүгэр Түүлээх нэһилиэгин «Ситимнэһии» хол-
           куоһун  Такыйа  диэн  өтөҕөр,  нэһилиэк  кииниттэн  18  биэрэстэлээх  сиргэ  төрөөбүтэ.
           Аҕалара,  дьиэ  кыараҕаһа  бэрт  буолан  (6*6  дьиэҕэ  12  буолан  олороллоро),  кэргэнигэр
           хатырык отуу тутан биэрбит.  Онон  кыра уол  хатырык отууга күөх окко түспүт.  Степан
           Кононович,  Варвара  Степановна  Алексеевтар  Аня,  Катя,  Варя,  Конон  уонна  Митя
           диэн  биэс  оҕолоохторо.  Ыал  аҕата  кулаак  оҕото  аатыран,  оскуолаҕа  ситэри  үөрэм-
           мэтэҕэ  эрээри,  холкутук  ааҕар-суруйар  буолан,  кэлин  дьону  үөрэппитэ  биллэр.  Хо-
           лобур,  Гражданскай  сэрии  геройун  Ганя  Старостины  ааҕарга,  суруйарга  аан  бастаан
            Ыстапаан Алексеев үөрэппит.  Кини өрүү «Ситимнэһии» холкуоска бэрэссэдээтэлинэн
           үлэлээбит.  Аҕа дойду Улуу сэриитигэр  Степан  Кононович Алексеев бастакы  хомуурга
           атырдьах ыйын  15 күнүгэр ыҥырыллыбыта.  Оччолорго Митя баара-суоҕа биирин саҥа
           туолбута, онон эйэҕэс-сайаҕас майгылаах, күлбүт-үөрбүт аҕатын күндү мөссүөнүн көр-
           бөккө улааппыта.
              Кырыктаах  сэрии  бу  ыалга  үгүс  алдьархайы  аҕалбыта.  Ол  курдук  аҕатара  Степан
           Кононович  1942  сыллаахха  уоттаах  сэрии  толоонугар  охтубута.  Көмүс  уҥуоҕа  ханна
           сытара биллибэт.  Үс кырачаан кыыс утуу-субуу ыалдьан өлбүттэрэ. Онон Митя убайын
           Куонааны эрэ кытта киһи-хара буолар дьылҕатаммыттара.
              Онтон  үөһэ ахтыллыбыт Дмитрий  Степанович таайа  Михаил  Степанович  Бочкарев
           (1906—2010 сс.) эмиэ күтүөтүн кытта тэҥҥэ ыҥырыллан, биир дьиэггэн икки турбут эр
           киһи  сэриигэ барыыта  — тустаахтарга  кытаанах суол  буоллаҕа.  Мэхээс Арҕаа фроҥҥа
           ууну-уоту ортотунан ааһан, эрэйи-муҥу эҥээринэн тэлэн, хорсуннук кыргыһан, иккитэ
           бааһыран,  иккитэ  контузияланан,  1945  с.  сайыныгар  этэҥҥэ  эргиллэн  кэлбитэ.  Кини
           бойобуой  суола  Смоленскай  уобалаһынан,  Витебскэйинэн,  Минскэйинэн  Германия
           кыраныыссатыгар  тиийэн  түмүктэммитэ.  Мэхээс  кыайарын  тухары  холкуоска,  соп-
           хуоска  үлэлээн-хамсаан,  бултаан-алтаан,  96  сааһын  ааһан  баран,  Дьокуускайга  кыра
           быраатыгар Дмитрий Степановичка олорон  орто дойдуттан  арахсыбыта.



                                                       256
   255   256   257   258   259   260   261   262   263   264   265