Page 265 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 265

ТҮҮЛЭЭХ нэһилиэгэ

                              Винокурова Варвара Афанасьевна

            Мин  1934  сыллаахха  муус  устар  28  күнүгэр  холкуостаах  баа-
         һынай дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон төрөөбүтүм.  Бииргэ төрөөбүт
         сэттиэ  этибит:  биэс  уол,  икки  кыыс.  Олох  кыра  эрдэхпиттэн
         эбэбэр,  эһэбэр  сылдьыбытым.  Онно  иитиллибиппин.  Кинилэр
         «Кыһыл  Сойуус»  холкуоска  олорбуттара.  Эһэм  бултуура,  эбэм
         дьиэтин  көрөрө.  Биир  кырдьаҕас  ынахтаахпыт.  Ону  оттоон-
         мастаан  нэһиилэ  иитэллэр этэ.  Барыта  14  оҕоттон  7  оҕо  улаап-
         пыппыт.  Атыттар оҕо сыддьан өлбүттэрэ.
            Сэрии буола турар кэмигэр мин 7-12 саастаах оҕо этим.  Олус
         ыарахан  сыллар  этилэр.  Оччолорго  син  улаатан  дьоммор  туһа-
         лыырым.  Холкуоска  үксэ  оҕолор  этибит.  Сиэмэ  итигэстэтэл-
         лэрэ.  Аччыктыырбыт,  улахан  дьону  кытта  тэҥҥэ  үлэлиирбит.
         Өлүү аспытын — бурдук, арыы биэрдэхтэринэ,  наһаа үөрэрбит.  Куобах баар этэ,  наһаа
         көтөх буолара.  Ону ол диэбэккэ сиирбит.
           Төрөппүт  ийэм  сэрии  сылыгар  үлэлии  сылдьан  тымныйан,  аҕыйах  хонон  хаалбы-
         та.  Аҕабыт  оҕолорун  бэйэтэ дьон  оҥортообута.  «Кыһыл  Сойуус»  холкуоска  балыктаа-
         һыҥҥа  биригээдэ тэриллэн  үлэлиирэ.  Туустууллара,  айахпытыгар  сиэппэттэрэ,  ханна
         эрэ ыыталлара.  Эһэбин  кытта бииргэ сылдьан  бултуурум.  Бурдугу миэхэ тартарар  этэ.
         Өрүс  уҥуор тыынан  сылдьар  этибит.  Дьиэбитигэр  эрдэ  кэллэхпитинэ,  эбэм  булпутун
         көрөн  наһаа үөрэр этэ.  Ити сылларга  мээнэ бултаппат этилэр,  биирдэ эмит барааччы-
         быт.  Ону да көҥүллээх буоллахпытына  — сокуон наһаа кытаанах этэ.
            Элбэх  киһи  кыргыһыы толоонугар өлбүтэ.  Сэрии  сылын  оҕолоро үөрэҕэ суох хаал-
         быппыт,  Сэрии  кэнниттэн  бу  кыра  холкуоһу холбооннор,  биир  улахан  холкуос  буол-
         буттара. Онон үлэ өссө элбээбитэ. Оҕо сааспыт оҕус сиэтиитигэр, булуугунан сири тиэ-
         риигэ,  сиэмэ  ыһыытыгар,  хортуоска  олордуутугар ааспыта.  Утуппат этилэр,  түүннэри
         бүтэттэрэллэрэ.  Аны  аһыҥа  бурдугу  сиирин  иһин  сэтии  диэн  быаны  уҥуор-маҥаар
         туран  соһорбут.  Сиик бөҕө түһэн,  таҥаспыт  наһаа  сытыйар  этэ.  Ынах этэрбэс  сыыһа
         сытыйан  бүтэр этэ.  Оннук үлэлиирбит...
            Билигин,  кырдьан  олорон  санаатахха,  аддьархайдаах  аас-туор  олох  эбит,  ама  да
         аастар.  Биир  уол  оҕолоохпун,  кэргэннээх,  икки  оҕолоох,  кырачаан  сиэннэрдээхпин.
         Кинилэргэ сүбэ-ама  буолабын.  Биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри  оҕо тэрилтэтигэр асчы-
         тынан  үлэлээбитим.


                               Винокурова Варвара Васильевна

            Мин  1931  сыллаахха  кулун  тутар  26  күнүгэр  Түүлээх  нэһи-
         лиэгин  олохтооҕо  Винокуров  Василий  Яковлевич  уонна  Таатта
         Баайаҕатыттан төрүттээх Тосина  Евдокия  Егоровна дьиэ кэргэ-
         нигэр Арҕаа  Мыраан анныгар алта муннуктаах бабаарына дьиэ-
         ҕэ  күн  сирин  көрбүтүм.  Дьонум  холкуостаахтар  этэ,  онон  оҕо
         сааһым  оччотооҕу  тыа  оҕотун  сиэринэн,  тиийиммэт-түгэммэт
         олоххо ааспыта.
            Аҕыс сааспын туолаат,  1939  —  1940  үөрэх дьылыгар маҥнай-
         гы  кылааска  үөрэнэ  киирбитим.  Иккис  кылааһы  бүтэрдэҕим
         сайын Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта.  Биһиги
         Баһыкыаптааҕы дьиэбитигэр  көһөн  кэлбиппит.  Сотору убайым
         Захар  армияҕа  барбыта.  Эдьиийбиниин  кыһынын  үөрэнэн,  са-
         йынын үлэ үөһүгэр сылдьыбыппыт. «Туох барыта —  Кыайыы туһутар» диэн өйү-санаа-
         ны  ииппит көлүөнэлэрин  бэрэстэбиитэлэ буолабын.



                                                     261
   260   261   262   263   264   265   266   267   268   269   270