Page 263 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 263

ТҮҮЛЭЭХ нэһилиэгэ

        вич,  ийэм  Дегтярева  Ирина  Степановна  диэннэр.  Ийэм  ыан-
        ньыксыт, аҕам болуотунньук этилэр.
           Иккиэн  холкуостаахтар.  «Туругурдуу»  диэн  холкуоска  Ман-
        чаарылаах диэн алааһы  кыстык, Туран диэни сайылык оҥостон
        бары бииргэ эһэлээх эбэбин кытта олорбуттар. Онтон  1939 сыл-
        лаахха улахан  оҕолоро мин  төрөөбүппүн. Дьонум  холкуос туруу
        үлэһитгэрэ буолан  миигин  наар эбэм оҕолообут.
           Ити  курдук  иллээхтик-эйэлээхтик  үлэлии-хамсыы  олордох-
        торуна,  1941  сыллаахха  Аҕа  дойду  сэриитэ  саҕаламмыта,  аан
        дойдуну аймаабыта. Дойдуга тута байыаннай батаһыанньа буол-
        бута.  Эдэр дьону хара бастакыттан  армияҕа  ылыы саҕаламмыта.
           Мин  тээтэм  Чурапчы  военкоматынан  ыҥырыллан  1942  сыл-
        лаахха  армияҕа  барбыта.  Онно  кини  Советскай  Армия  кэккэтигэр  4-с  Украинскай
        фронт састаабыгар Арҕаа  фроҥҥа  1944 сыллаахха тохсунньу  15  күнүгэр диэри  сэрии-
        лэспитэ.  Онно сылдьан улаханнык бааһыран  Баку куоракка өр эмтэммитэ.
           1944  сыл  от  ыйыттан  сэрии  бүтүөр  диэри  ити  фроҥҥа  сулууспалаабыта.  1946
        сыллаахха  от  ыйыгар  дойдутутар  эргиллибитэ.  «Хорсунун  иһин»  уонна  «Германияны
        кыайыы  иһин»  мэтээллэрдээх  армияттан  кэлбитигэр,  Бээрийэттэн  оччотооҕу холкуос
        салалтата,  Сэбиэт  үлэһиттэрэ  бары  көрсүһүү  тэрийбиттэрэ.  Сэрииттэн  кэлэн  баран
        тимир уонна мас  ууһунан үлэлээбитэ.  Кыһынын  бултуура.
           Тээтэм  1952 сыллаахха сэриигэ ылбыт бааһырыытыттан өлбүтэ. Онтон сэрии бүтэн,
        олох арыый  көнөн  иннин диэки  баран  испитэ.
           Биһиги сэрии кэмигэр үксүн эбэбитиниин олорбуппут.  Ийэбин,  эдэр дьахтары,  Бо-
        роҕоҥҥо  хайыһар  кууруһугар,  кэлин  мас  эрбээһинигэр  ыыппыттара.  Эбэм  биһигини
        ыалга  дьукаах  биэрэллэрэ.  Хата,  эбэм  иистэнньэҥ  буолан,  ыалларга  иистэнэн,  син
        аспытын  булар  этэ.  Онтон  кэлин  ийэм  кэлэн  эмиэ  ферма  устун  олорбуппут.  Саха ба-
        лаҕаныгар  4-5  ыал  дьукаах,  оҕо-уруу биир  ыал  курдук,  туох  ас  баарынан  аһаан  наһаа
        эйэлээхтик  олорбуппут.  Оҕонньоттор  куобахтаан,  балыктаан  син  аһылыгы  булаллара.
        Биһиги,  оҕолор,  ийэлэрбит  ыанньыксыт буолан,  тэҥҥэ туох  кыайар  үлэбитигэр  сыл-
        дьарбыт.  Ньирэй  көрөрбүт,  от  үргээн,  уу  баһан  аһатарбыт.  Хотону,  тиэргэни  ыраас-
        тыырбыт.  Түптэ  оҥорорбут.  Оччотооҕу  ыанньыксыттар  12-14  ынаҕы  ыыллара  уонна
        ньирэйи-ынаҕы бэйэлэрэ бостууктууллара.  Сороҕор сарсыарда  биһиги  хомуйан аҕалар
        этибит.  Оо,  онно  атырдьах  ыйыгар  тоҥорууга  атахпыт  үлүйдэҕинэ,  ынах  итии  сааҕар
        туран атахпытын ириэрэр этибит. Биһиги сайылыкпытыгар икки сиэмэ бааһыната баа-
        ра.  Онно күһүн сиэмэ хомууругар эмиэ көмөлөһөрбүт.
           Ол  сылдьан  сибиэһэй  нэчимиэн  лэппиэскэтин  сиэри  кутуйах  ордуутун  хаһарбыт.
        Күтэр хасааһыгар түбэһэрбит. Күтэр диэн ыраас кыыл эбит этэ. Сиэмэ куолаһын наһаа
        ыраастык,  чэбэрдик  наһаа  элбэҕи  дьаарыстаан  хаһаанар  эбит.  Бурдук  сиэмэ  куолаһа
        ыл да,  кэлиилээ,  сиидэлээ.  Бурдук тардар тааска тартыҥ даҕаны  мээккэ  бурдук бэлэм
        буолар.  Оо, сибиэһэй  нэчимиэн бурдук лэппиэскэтин сиэбит киһи.
           Онтон  кэлин  интэринээккэ  олорон,  үөрэнэн,  киһи  тэҥинэн  үлэһит  буолбутум.
        Оскуола  кэнниттэн  холкуоска  икки  сыл  ыанньыксыттаабытым.  Онтон  тыа  хаһаайыс-
        тыбатын  техникумугар  үөрэххэ  киирэн  ветеринар  идэтин  ьыбытым.  Ол  курдук отучча
        сыл Түүлээххэ кэлэн  ветеринарынан үлэлээтим.  Богдашин Никита Ивановичтыын ыал
        буолан,  5  оҕолонон  сиэннэрдээхпин,  хос  сиэннэрдээхпин.  81  сааспын  туолан  этэҥҥэ
        олоробун.
           Үлэ бэтэрээнэбин,  Уус Алдан Түүлээх нэһилиэгин  Бочуоттаах олохтооҕобун,  «Вете-
        ринария бэтэрээнэ» бэлиэлээхпин.







                                                    259
   258   259   260   261   262   263   264   265   266   267   268