Page 66 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 66

МҮРҮ нэһилиэгэ

           аһарынан, оҕолорум дьон тэҥэ үөрэнэн, үлэлээн, ыал буолан олороллоруттан үөрэбин.
           Сиэн,  хос сиэн  көрөр кэмҥэ этэҥҥэ тиийбитим  —  мин дьолум.
                                                                            2020 сыл тохсунньу 28 күнэ


                                   Портнягин Николай Иванович

                                       Николай  Иванович  1934  сыллаахха  Мындаабаҕа  төрөөбүт.
                                    Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр.  Эдьиийэ  Полина  Ивановна  Колодез-
                                    никова — Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын
                                    үтүөлээх үлэһитэ, тыыл,  үлэ бэтэрээнэ.  Балта  Галина  Ивановна
                                    Савельева  — үлэ бэтэрээнэ.
                                       1941  сыллаах  алдьархайдаах  сэрии  саҕаланыытыгар  Николай
                                    Иванович  7  саастаах  этэ.  Ийэлэрэ  эрдэ  өлбүт,  онон  эдьиийэ
                                    Полина,  балта  Галя  буолан  аҕаларынаан  бэйэлэрэ  эрэ  олорбут-
                                    тара.  Аҕата  Иван  Львович  райпо  сэбиэдиссэйинэн  Бороҕону-
                                    нан,  Чурапчынан,  Намынан  үлэлээбитэ.  Кэлин  Иван  Львович
                                    иккистээн  кэргэн  ылбыта.  Евдокия Аммосовна Дмитриева диэн
                                    иистэнньэҥ идэлээх огдообо дьахтар оҕолорго иһирэх ийэ буол-
           бута.  Николай  Иванович  сайынын  Баатаҕайга,  ийэтин  Евдокия  Аммосовна  аймахта-
           рыгар сайылыыра. Сэрии саҕаланаатын кытта туруу үлэһит дьон бары  Ийэ дойдуларын
           көмүскэлигэр  барбыт  буоланнар,  кыра  эрдэҕиттэн  үлэҕэ  хабыллыбыта.  От  кэбиһии-
           тигэр  оҕус  сиэтээччинэн  сылдьыбыта.  Оҕустарын  сарсыарда  бэйэлэрэ  көрдөөн  булан
           көлүйэллэр  этэ.  Сорох сайын  атынан  от  мустарара.  Ат түөһүн  быатын  кыайан  тарпат
           буолан,  бугулдьут  кыргытгар  атын  көлүйэн  биэрэллэр  эбит.  Мунньар  рычакка  атаҕа
           тиийбэт буолан хаптаһын  тэлгээн  биэрбиттэр.  Олоҕуттан ол хаптаһыҥҥа  ойон түһэн,
           рычагын  тэбэн  отун  сүөкээн  баран,  төттөрү  тахсан  олорунан  кэбиһэрэ.  Өйүөлэригэр
           арыылаах лэппиэскэ,  суорат дуома  баар  буолара.  Сарсыарда  эрдэттэн  хараҥа  буолуор
           диэри  үлэлииллэрэ.  Сарсыарда эрдэ туран  атын тутан  аҕалара.  Кыра  оҕону сэнээн,  ат
           туттарбакка  эрэйдиир  эбит.  Күһүнүн  бурдук куолаһын  итигэстээһинигэр  сылдьыбыт.
           Сороҕор  ардаҕы  ортотунан  хомуйаллара.  Саас  ыһыы  инннинэ  бааһына  маһын,  отун
           ыраастаталлар эбит.
              Оскуолаҕа  Бороҕоҥҥо  үөрэммитэ.  Кыра  кылаас  оҕолоро  эргэ  оскуолаҕа  үөрэнэл-
           лэрэ.  Тэтэрээт  суох  буолан  эргэ  кинигэ  лиистэригэр  суруйаллара.  Учебник диэн  кы-
           лааска  биир  эмит  оҕоҕо  баар  буолара  үһү.  Бөрүөлээх  уруучуканан  суруйаллара.  Чэрэ-
           ниилэлэрэ  бүтэн  хааллаҕына,  эдьиийэ  оһох  күлүнэн  чэрэниилэ  оҥорон  биэрэр  эбит.
           Дьэ,  ити  курдук  инчэҕэй  тирбэҕэ  быстыбатынан  үөрэнэн,  үлэлээн  сэрии  кэминээҕи
           оҕо сааһа ааспыта.
              Кыайыы буолбутун оскуолаҕа истибитэ.  Үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттар.  Ол күн үөрэх
           буолбатах.
              Сэрии  кэнниттэн,  оскуола  7  кылааһын  бүтэрээт,  промкомбинакка  үлэҕэ  киирбитэ.
           10 сыл  сыахха  мас таһыытыгар,  этэ-сиинэ  ситэ сайда  илик  оҕоҕо  ыарахан  үлэҕэ,  үлэ-
           лээбитэ.  Промкомбинакка  үлэлии  сылдьан,  1954 сыллаахха армияҕа  ыҥырыллар.  Үлэ
           киһититтэн үлэ арахпат.  Читаҕа стройбакка түбэһэн эмиэ күүстээх үлэ  үөһүгэр түһэр.
           Хас-хас  вагону куруустаабытын билигин саныы-саныы  саллар.  1957 сыллаахха,  үс  сыл
           сулууспатаан  баран,  армияттан  кэлэн  Саһылыкаантан  төрүттээх  Неустроева  Анна
           Алексеевнаны  кэргэн  ылбыта.
              1962  сыллаахха  сибээс  тэрилтэтигэр  үлэлии  киирэр.  5-6  сыл  почта  таһааччынан
           үлэлиир.  Нэһилиэктэргэ  почталарын  илдьэллэр,  төннөллөрүгэр  маҕаһыын  харчытын
           аҕалаллар эбит.  Харчы таскайдыыр буолан,  наганнаах сылдьаллара  үһү.  Онтон  монтер
           буолуон  баҕаран,  куоракка  киирэн  үс  ыйдаах  монтер  куурсугар  үөрэнэр.  Ол  кэмтэн
           ыла  37  сыл устата,  халбаҥа  суох,  биэнсийэҕэ  тахсыар диэри  үтүө суобастаахтык  мон-



                                                        62
   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71