Page 77 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 77

МҮРҮ нэһилиэгэ

          эриллибит буолан,  оҕо  эрдэҕиттэн  киил  эттээх-сииннээх,  дьаҥы,  тумууну билбэт этэ.
          Арай,  сааһыран  баран,  биэс  уонус  сыллар  бүтүүлэрин  эргин,  Хаҥыыда  диэн  дириҥ
          чүөмпэ күөлгэ  кыһын  ойбон аътара туран анньыытын  мүччү тутан баран,  аньыырҕаан
          түптэлэс тымныыга ойбонунан  киирэн  ылан турар.  Онно тымныйан ыалдьыбыта.  Ону
          да  дьиэбэр  тахсан  суорҕаннаах  тэллэхпин  ылан  киирбитим  буоллар  ыалдьыам  суоҕа
          этэ, таҥнарбар тоҥнум диирэ.
             Аҕам  1962  сыл  күһүнүгэр  74  сааһыгар  диэри  (1927  сыллаахха  Тэбииккэ  В.В.  Ни-
          кифоров-Күлүмнүүр  улахан  убайын  Көстөкүүн  сиэннэрэ,  үөрэхтээх-сайдыылаах
          ини-бии  Никифоровтар  аан  бастаан  тэрийбит  «Сонун  олох»  артыалга  киириэҕиттэн)
          холкуоһугар барыта 37 сыл сылгыһыттаан баран тохтоон,  кыыһыгар Горнайга олохсуй-
          бута. Холкуоһуттан  15 солк. биэнсийэлээҕэ.  Горнайга да тэрилтэ көлүүр аттарын көрөн
          таптыыр идэтиттэн өлүөр диэри  арахсыбатаҕа.  Бэл, олортон  урукку үөрүйэҕинэн  биир
          аты  баайан  оройуон  1967  сыллааҕы  үбүлүөйдээх  ыһыаҕар  сүүрдэн  дьон:  «Дьэ  буолар
          да эбит, ити дойду оҕонньоро көлүүргэ сылдьар атынан бүтүн оройуон биллэр сүүрүк-
          тэрин  кыайара»,  —  диэн  сөҕүү  бөҕөнү  сөхпүттэр  этэ.  Ити  өлүөн  икки  сыл  иннинэ.
          Аҕабыт  1969 сыл ыам ыйыгар 81  сааһыгар өлөн уҥуоҕа  Бэрдьигэстээххэ харалла сытар.
             Эппитим  курдук,  60-нус  сыллартан  олох  арыычча  көнөн  барбыта.  Холкуостары
          бөдөҥсүтүү,  бөһүөлэктэри  кииннээһин  барбьгга.  Урукку  кыра  бөһүөлэктэртэн  дьон
          дьиэлэрин  көһөрөн,  сорохторо  саҥа  дьиэ  туттан  Дүөндүгэ  олохсуйбуттара.  Онно  да
          холкуостаах  син  биир  кыһалҕаттан  мүччүрүйбэтэҕэ.  Биһиги  аҕабыт,  ити  көххө  кыт-
          тыһар кыаҕа,  үбэ-аһа суох буолан, туһунан дьиэлэммэккэ наар ыал муннугар олохтоох
          дьон  этибит.  1954  сыл  кыһын  ахсынньы  5  күнүгэр Дүпсүн  эҥээр  7  нэһилиэк  ыччата
          үөрэнэр икки этээстээх хаарыаннаах оскуолабыт умайан  хаалан,  онтон тэптэрэн элбэх
          оҕо  үөрэхтэн  маппыта.  Мин  да  кылааска  хаала-хаала  үөрэнэн,  1963  сыллаахха  онуһу
          бүтэрэн,  1964—1969  сылларга  СГУ  саха  тылын  уонна  литературатын  отделениетын
          устудьуона  буолбутум.  1969—1971  сс.  Дүпсүн  орто оскуолатыгар 9-10-нус  кылаастарга
          саха литературатын  учууталынан, дириэктэри  кылаас таһынан  иитэр үлэҕэ солбуйаач-
          чынан,  1971 — 1975  сс.  комсомол  оройуоннааҕы  комитетын  тэрийэр  отделын  сэбиэ-
          диссэйинэн,  райкомол  бюротун  чилиэнинэн,  1975—1978  сс.  партия  райкомун  пропа-
          гандаҕа  отделын  инструктарынан,  кэлин  иккистээн  эргиллэн  1987—1991  сс.  РФ  КК
          Саха сиринээҕи  Рескомун  Уус Алданнааҕы  комитетыгар  партучуот отделын  сэбиэдис-
          сэйинэн быыбарданан үлэлээбитим.  1978—1987 уонна  1991-2020 сылларга, ол иһиттэн
          2018  с. диэри  «Ленинскэй  тэрийээччи»  уонна  «Мүрү  саһарҕата»  хаһыаттар  эппиэтиир
          сэкирэтээрдэринэн,  оройуоннааҕы  редакция  уонна типография  холбоһуктаах  партий-
          най тэрилтэлэрин  сэкирэтээринэн талыллан  үлэлээбитим.
             2018-2020  сылларга  старшай  редакторынан  үлэлии  сылдьан,  ковид  ыарыыта туруо-
          ҕугган дьиэбэр олоробун.
             Уһун  сыллаах  үлэм-хамнаһым  сыаналанан,  «СӨ  культуратын  үтүөлээх  үлэһитэ»
          (2004  с.),  «СӨ бэчээтин  туйгуна»  (2001с.),  «Үлэ  бэтэрээнэ»  (1990  с.),  «СӨ  бочуоттаах
          бэтэрээнэ»,  (2017  с.),  Уус  Алдан  улууһун  (1998  с.),  Дүпсүн  (2002  с.),  Мүрү  (2010  с.),
          Өспөх  (2019  с.)  нэһилиэктэрин  Бочуоттаах  олохтооҕо,  В.В.  Никифоров-Күлүмнүүр
          аатынан  СӨ  Государственнай  бириэмийэтин  бастакы,  СӨ  ЖС  А.  Шувалов,  СӨ  «Ил
          Түмэнин»  Журналистикаҕа  А.  Илларионов  ааттарынан  бириэмийэлэр  лауреаттара,
          Саха АССР  Үрдүкү  Сэбиэтин  Президиумун  (1985  с.),  СӨ  Правительствотын  (2000 с.),
          СӨ  вице-президенин  (2006  с.),  Ил  Түмэн  (2005  с.)  Бочуоттаах  Грамоталарынан,  РФ,
          СӨ ЖС элбэх ахсааннаах бочуоттаах грамоталарынан,  махтал суруктарынан,  ЫБСЛКС
          КК  »Комсомолга  активнай  үлэтин  иһин»  (1975  с.),  «Гражданскай  килбиэн»  (2006  с.),
          СӨ ЖС «Журналистика сайдыытыгар кьшаатын иһин» (2001  с.) бэлиэлэринэн,  «1941—
          1945  сс  Аҕа  дойду  Улуу  сэриитигэр  Кыайыы  50  сыла»  (1995  с.),  «Ленинскэй  комсо-
          мол  80»  (1998  с.),  100  (2018  с.),  «Сэрии  сьшын  оҕото»  (2020  с.)  өйдөбүнньүк  мэтээл-
          лэринэн  наҕараадаламмытым.  1985  сылтан  ССРС  суруналыыстарын,  2004  сьитан  СӨ
          суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэбин. Кэргэннээхпин, кыыстаахуол оҕолоохпун.


                                                      73
   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82