Page 80 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 80

М ҮРҮ нэһилиэгэ

            Оннук  эрэ өйдөөн  хаалбыппын.  Онтон  иккис  кьыааска  Первэй  Хаҥаласка  1944 уонна
            1945 сылларга үөрэммитим. Онно Кыайыы күнэ буолбутугар, дьэ доҕор, үөрэн бөҕөлөр.
            Сорохтор наһаа үөрэллэр,  сорохтор наһаа ытыыллар.  Ону дьиибэргии  көрөр этим.  Он-
            тон  кэлин  өйдөөбүтүм,  оҕолоро,  кэргэннэрэ  эҥин  баран  өлбүт  төрөппүттэр  ытаһал-
           лар  эбит.  Сорохтор  киэннэрэ  төттөрү  кэлбиттэр.  Онон  үөрэллэр  эбит.  Бары  куус-
            туһа-куустуһа  ытаһаллар  даҕаны,  үөрэллэр  даҕаны.  Онон  ол  курдук  Кыайыы  күнүн
            көрсүбүппүт.  Уонна сайын  ыраах баҕайы  үс  көстөөх сиртэн  ийэбин  Кыайыы  ыһыаҕар
            ыҥырбыттар.  Онно  кэлбиппит.  Үс  көстөөх  сири  ол  иккис  кылааһы  бүтэрбит оҕо хаа-
            ман  кэлбиппин.  Аара  хоммуппут.  Дьон  оҕотуттан  таҥас  уларсан,  уол  оҕо  пиджагын
            кэтэн, Дьаархан диэн  сиринэн  эргийэн  кэлбиипит.  Бүөтүр диэн  убайым,  Сэмэн диэн
           быраатым эрэйдээхтэр астара бүппүт,  буорайбыт этилэр.  Ол күн кэлбэтэхпит буоллар,
           арааһа, хайыа эбиттэрэ буолла.  Биһиги лэппиэскэ,  бурдук оҕолоох эҥин  кэлбиппит.
              Онтон  кэлин  наһаа  хоргуйбатахпыт.  Кэм  бурдук,  сир  аһа  үүнэн,  наар  кииһилэни
           сиир этибит. Туораахтан уу курдугу иһэр этибит. Быыкаайык, ону быыкаайык ытыспыт
           оҕотугар ыган баран быраатым  биһикки салаан сиирбит.  Уонна күлүмэн  үөһүн буолу-
            най  сиир этибит.  Хайдах  эрэ  олох таах  олорбот  этибит.  Сири  кэрийэн,  кииһилэлээн,
           уҥуохтаах отонноон  сиэн  эҥин, оннук гынан улааппыппыт.
              Онтон  былчархайдьыт бөҕө буолан,  дьиҥнээхтии  20  сааспыттан  холкуоска дьэ  үлэ-
           лээбитим. Ол иннинэ наар өлөөрү гыммыт, былчархайа тэстибит, хотоҥҥо киллэримэҥ
           дииллэр  этэ.  Ол  иһин  наар  ийэбэр  уора-көстө  көмөлөһөр  этим.  Уонна  дьон  атаҕас-
           тыыллар этэ. Аҕам  сэриигэ баран  өлбүтүгэр,  биир убайым син төрдүс  кылааска диэри
           Өҥөлдьө  диэн  сиргэ  үөрэммит.  Онон  син  үөрэхтээх  буоллаҕа  дии.  Сэбиэккэ  кэлэн
           аҕабыт  ханнык  сиргэ,  хайа  куоракка  хайдах  өлбүтүн  туһунан  суруллубут  кумааҕытын
           ыйыппытын,  сэбиэт таһырдьа  анньан  кэбиспит.  «Эйиэхэ  ол  тоҕо  нааданый?»  — диэ-
           бит.  Онон ол  кумааҕыта да суох.
              Бэйэм ыанньыксыт үлэтин  кыайбаппын,  ол  иһин бороон  көрөбүн,  фермаҕа табель-
           щиктыыбын,  оҕуһунан фермаҕа уу,  балбаах таһабын.  Кэлин олох тупсубутун,  ас-таҥас
           дэлэйбитин  кэннэ  иккис  улахан  убайым  Никиитэ  тырахтарыыс  буолбута.  Ньурбаҕа
           киллэрэн кыратык үөрэппиттэрэ буолуо. МТС диэн баара. Биир сааһы быһа бааһынаҕа
           үлэлээбитин  кэннэ  нөҥүө  сылыгар  аны  массыына  суоппарын  үөрэҕэр диэн  куоракка
           ыыппыттара,  киһибит  онон  уччуйан  хаалбыт.  Инньэ  гынан  бу  Уус  Алдан  Бороҕонун
           булан,  Майаҕас диэн дэриэбинэттэн ойох ылан,  онно олорон  икки  уол  оҕолоох.
              1958 сылга эмискэ Ньурбаҕа тиийэн ийэтин Уус Алдаҥҥа илдьэ кэлбитэ.  Ийэм онно
           кырдьыбыт  буоллаҕа  дии,  фермаҕа  солбук  эҥин  үлэҕэ  үлэлээбитэ.  Ферматтан  атын
           олорор  сирбит  суох.  Аҕам  туппут  дьиэтин  холкуос  киинигэр  киллэрбиттэрэ  даҕаны,
           онно  ким  да  олорбокко,  сатаан  барытын  кыайан  туппакка,  атыылаан  кэбиспиппит.
           Инньэ  гынан  ыалга  дьукаах  олорбуппут.  Ол  олордохпутуна,  убайым  тиийэн:  «Мин
           үчүгэй  баҕайы  сиргэ олоробун,  онон  ийэбин  илдьэн  кыстатабын,  сөбүлээтэҕинэ онно
           барыаххыт»,  —  диэтэ.  Ону  ийэм  кыстаан  тиийдэ  уонна:  «Наһаа  үчүгэй  дойду  эбит,
           дьоно-сэргэтэ  наһаа  үчүгэй.  Чараҥ диэн  сиргэ  кыстаатым,  Никиитэ  онно  хотон  тута
           сылдьар»,  — диэтэ.
              Аны  нөҥүө  сылыгар  мин  бардым.  1960  сыл  бүтүүтэ,  1961  сылга  саас  муус  устарга
           диэри  син  сиппит  кыыс  буоламмын  роддомҥа  үлэлээтим.  Хата,  доҕор,  кыһыл  оҕо
           бөҕөтүн  көрдүм.  Аны  ньээнньэ ыарыйдаҕына,  солбуйтараллар.  Мин  үлэм буоллаҕына,
           4  оһоҕу  оттобун,  биир  оһоҕум  үргүлдьү  умайа  турар.  Ол  саҕана  электричество  эҥин
           диэн  суох.
              Билиҥҥи  «Айхат»  маҕаһыын  иннигэр  эргэ  балыыһа  территорията,  барыта  онно
           баара.  Онно  үлэлээтим.  наһаа  үчүгэй  акушеркалар,  ньээнньэлэр  бааллар.  Олор  бары
           миигин таптаатылар.  Главнай акушеркам  Полина  Григорьевна Ачександрова  — нуучча
           эмээхсинэ, сахалыы билэр,  саха кэргэннэнэ сылдьыбыт, онтон хас даҕаны оҕолоох. Ол
           оҕонньоро  өлбүт.  Полина  Григорьевна  этэр:  «Куруук  маннык  ыарахан  үлэни  үлэлэ-
           тиэхпит суоҕа,  ийэҕин  сайын  аҕал,  көмөлөһөн  аҕатгарыахпыт,  дьиэ  биэриэхпит,  онон


                                                        76
   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85