Page 179 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 179
АҮПСҮН нэһилиэгэ
Прибылых Петр Захарович
Прибылых Захар Тимофеевич уонна Сыроватская Екатери-
на Афанасьевна дьиэ кэргэнигэр 1944 сыллаахха кулун тутар 6
күнүгэр төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт алтыа этибит. Мин үһүс
оҕобун. Аҕам сэрии кэнниттэн холкуоска биригэдьииринэн,
ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Ити кэмнэргэ сут буолан,
сүөһүлэрин атын оройуонунан көһөрөн кыстаталлара, онон
дьиэтигэр дэҥҥэ кэлэн ааһар курдуга. Ол кыһын, аҕабынаан
ийэм ыалдьан суох буолбуттарын кэннэ, абаҕам аахха Бүөтүкэ-
лээххэ кыстаабыппыт. Хата, ол сылдьан ийэбин Мария Инно-
кентьевнаны аҕалбыта. Кэлин икки кыыс оҕоломмуттара, онон
бииргэ төрөөбүт алтыа буолбуппут. Өссө биһиэхэ иитиллибит
убайдаах этибит, Федоров Юрий Иванович. Убайбыт быйыл
улахан ыарыы кэнниттэн суох буолбута. Тулагы биир сис ыала этилэр. Убайбыт элбэх
ыал буолбут үлэһит оҕолордоох, сиэннэрдээх.
Аҕам ыраах бардаҕына, саҥа ийэбинээн кэтэһэн, тахсан сыарҕа тыаһын иһиллиир
этибит. Аҕам холкуос этин, арыытын куоракка батара киирэн иһэн, аварияҕа түбэспитэ
уонна дьиэтигэр кэлэн өр буолбатаҕа, өрүтгүбэтэҕэ. Биһиги тулаайах хаалбыппыт. Ол
да буоллар ыһыллыбатахпыт. Аймахтарбыт, ииппит ийэм баар буолан дьиэ иччитэх-
сийбэтэҕэ. Кыһын сороҕор атын сиргэ, аймахтарбытынан баран үөрэнэн кэлэрбит.
Сэрии кэннинээҕи сылларга бары утуу-субуу олох кырабытыттан от үлэтигэр имил-
либиппит. Кэлин олох арыый тупсубута. Дьэ инньэ гынан чиҥэтэ-чиҥэтэ үөрэнэн,
син сэттэ кылааһы бүтэрбитим. Ол кэнниттэн куоракка үөрэнэн да көрбүтүм. Му-
зыкальнай училигцеҕа, онон-манан тэлэһийэн баран, 1971 сыллаахха дойдубар төн-
нөн кэлэн, араас үлэҕэ үлэлээбитим, үксүн сопхуоска сылгыһыттаабытым. Аны дьиэ
кэргэн туһунан эттэххэ, кэргэним Елизавета Афанасьевна зоотехник үөрэхтээх, үксүн
биригэдьиирдээбитэ, зоотехниктаабыта. Билигин иккиэн биэнсийэҕэ олоробут. 4 оҕо-
лоохпут. Кыра уолбут, армияҕа сулууспалыы сылдьан, былаҕайга былдьаммыта. Уонча
сиэннээхпит. Түмүктээн эттэххэ олоххо баары барытын боруобалаан кэллим. Олорбут
олохпун астынабын. Кимиэхэ эрэ кыра, кимиэхэ эрэ элбэх наада быһыылаах. Миэхэ
бу олорбут олҕум мин олоҕум, кимиэхэ да биэрбэппин.
Румянцева (Сивцева) Анна Константиновна
Анна Константиновна 1935 сыллаахха Маралаайы алааска
төрөөбүтэ. Ыарыһах буолан, алта кылаас кэннэ уурайбыта, сал-
гыы кыайан үөрэммэтэҕэ. 1950 сыллаахха үлэ таабылын учуот-
туур үлэһит буолбута. 1955 сыллаахха көтөрү иитэр кууруһу
үөрэнэн бүтэрбитэ уонна Найахыга баран үлэлии-үлэлии киэ-
һээҥҥи оскуолаҕа үөрэммитэ. Оҕо тэрилтэтигэр үлэлии сыл-
дьан Румянцев Иннокентий Иннокентьевичка кэргэн тахсан,
оҕолонон Дүпсүҥҥэ кэлэн дьиэ-уот туттан олохсуйан олорбут-
тара. Румянцев И.И (1933-2007 сс.) тырахтарыыс идэтин ылан,
Дүпсүн РТС-гар, Дүпсүн оскуолатыгар кэлин слесарынан үлэ-
лээбитэ. Элбэх мэтээллэр кавалердара.
1958 сылтан саҕалаан детсад поварынан, баспытааталынан,
сэбиэдиссэйинэн, 1967-1974 сс. диэри госинтэринээккэ сэбиэдиссэйинэн үтүө суобас-
таахтык үлэлээбитэ. 1974-1995 сс. Дүпсүн орто оскуолатыгар остуораһынан үлээбитэ
уонна онтон пенсияҕа тахсыбыта. Кини талааннаах тарбахтаах буолан, оскуола оҕо-
лорун уус-уран самодеятельноска кэтэр таҥастарын тигэн элбэхтэ көмөлөспүтэ. Анна
175

