Page 282 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 282

ЛӨГӨЙ нэһилиэгэ

              Онтон  үһүс өйдөбүлүм:  киэһэ бииргэ төрөөбүт Миитэрэй диэн быраатым  өлөн хаа-
            лаахтаата.  Төрүкү  ыалдьар этэ.  Ону ийэм хоруопка уган,  оҕус сыарҕатыгар тиэйэн бар-
            да.  Кэнниттэн биир тайахтаах эмээхсин  батыспытын  өйдүүбүн.
              Аны  санаатахпына,  сарсыарда  уһугуннахпына,  ийэм  хайыы  үйэҕэ  үлэлии  барбыт
            буолар.  Клм  да  дьиэбитигэр  суох  буолар.  Бары  үлэлии  бараллара  буолуо.  Күнү  быһа
            соҕотоҕун  сылдьабын.  Аҕам  кэлиэ дии  саныыбын.  Тахсан  аҕам  аах  барбыт  суолларын
            батыһан, ууга олорор дьиэҕэ тиийдэхпинэ, баҕар, аҕам тахсан кэлиэ диэх курдук саныы-
            бын.  Онно  барардыы  оҥостон  барабын.  Балайда  барбытым  кэннэ  суолум  икки  аҥыы
            хайдан хаалар.  Наһаа мунаахсыйабын, хайатынан бардахпына ордук буолуой диэн.  Он-
            нук  саараан  баран,  аны  дьиэбин  булбатым  буолуо  диэн  төннөн  кэлэбин.  Кэлэммин,
            олбуор  иһигэр  хаамыталаан  баран,  сүллүгэс  маска  быардыы  түһэн  сытан  эрэн,  аҕам
            аах  барбыт  суолларын  кэтиибин,  баҕар,  кэлээрэй  диэн.  Оннук  хас  да  күн  соҕотоҕун
            сырыттым.  Күһүн  буолан,  ардах ибиирэр,  арҕааттан тыаллаах,  тымныы  баҕайы.  Дэлби
            үлүйэбин.  Дьиэҕэ  киирэммин,  мас  ороҥҥо сытаммын  утуйан  хаалабын.  Адьас  хараҥа
            буолбутун кэннэ ийэм дьэ кэлэр.  Остуолга чүмэчини умаппыт буолар. Суораттаах кыра
            лэппиэскэ сиибит, тымныы  чэй  иһэбит уонна эмиэ утуйабыт.  Сарсыарда уһуктубутум,
            эмиэ ийэм барбыт буолар.  Үлэлии  барар буоллаҕа дии.
              Ол  курдук  сырыттахпына,  биирдэ  күн  ортотун  диэки  бадахтаах,  ийэм  эрдэ  кэллэ.
            Миигин ханна эрэ  илдьэ барда.  Уһун соҕустук хаамаммыт биир дьиэҕэ  кэллибит.  Кэл-
            биппит,  дьиэ  таһыгар,  олбуор  иһигэр  хас  да  оҕо  оонньуу сылдьаллар  эбит.  Эмиэ  мин
            саастыыта  оҕолор.  «Бу оҕолору  кытта  оонньообут  киһи»  дии  саныыбын.  Дьиэ  иһигэр
            киирбиппит:  икки  эмээхсин  уонна  биир  эдэр  дьахтар  баар  эбит.  Ол  дьахтары  оҕолор
            Ыстапаанньа  диэн  ыҥыраллар  этэ.  Ийэм,  кэпсэтэн  баран,  миигин  киниэхэ  туттарда.
            Ол  дьахтар  сиэтэн  таһааран  икки  обургу  соҕус  кыргыттарга  туттарда.  «Бу  уолу  оон-
            ньотуҥ,  бэйэҕитигэр  кытыарыҥ,  илдьэ  сылдьыҥ»,  —  диэн  буолла.  Оҕолор  ыаллаах
            буола  оонньуур  эбиттэр.  Оччотооҕуга  оҕо  оонньуура диэн  суох  буоллаҕа,  маһы  эҥини
            кэккэлэтэннэр  «сүөһү  көрөллөр»  эбит.  Онно:  «Эн  бу сүөһүнү  көрөҕүн»,  —  эҥин диэн
            кэпсииллэр,  Онтон  күнүскү аһылык буолла.  Мөчөкөлүү  буспут,  хахтамматах хортуоп-
            пуйу тэриэлкэҕэ  кутан  биэрдилэр.  Хойуу хааһы,  лэппиэскэ,  итии  чэй эмиэ  баар.  Тото
            аһаатыбыт.  Күҥҥэ  үстэ аһаталлар.  Күһүҥҥү өттүгэр үчүгэй  этэ.
              Кэлин  атын дьиэҕэ  көспүт эбиппит.  Кыһыҥҥы  өттүгэр  аспыт сыыйа  аччаан  барда.
            Маҥнай хортуоппуйбут суох буолла.  Онтон  хааһыбыт аччаата,  убаҕас баҕайы  миин сэ-
           лиэйин  курдук буолла. Аны лэппиэскэбит эмиэ аччаата.  Чэйбит эмиэ суох буолла.  Бо-
            ростуой ууну иһэбит.  Күҥҥэ иккитэ аһаталлар:  сарсыарда уонна киэһэ. Дьиэбит наһаа
           тымныы.  Инньэ гынан утуйарбытыгар диэн хас да куулу аттаран тигэннэр, онно сиэмэ
            соломотун  симпиттэр  быһыылаах  —  тэллэхпит  ол  этэ.  Сыттыкпыт  суох.  Суорҕаммыт
           диэн  эргэ  нэҕирбит  куобах  суорҕаннара  баар  этэ.  Хата,  улахан  дьон  соно  син  балай-
           да  баара.  Аны  санаатахха,  аҕаларбыт  сонноро  буолуон  сөп  курдук.  Наар  таҥастыын-
            саптыын  утуйабыт.  Суунуу  суох.  Түүн  үтүрүллэн  кытыыга  тахсан  хаалаҕын.  Оҕолор
            үрдүлэринэн  иһирдьэ киирэ сатыыгын.  Суорҕан  былдьаһыыта диэн  онно баар буолар.
              Аны таһырдьа туалеттыы тахсарга бэргэһэ,  үтүлүк суох,  кыра сонноохпут, ону улар-
           са сылдьан, бүрүнэн тахсабыт.  Мас кыс кэтэҕэр наадабытыгар сылдьан баран, бэрт ык-
            салынан  кэлэбит.  Ол  икки  ардыгар  кулгаахпыт,  илиибит,  атахпыт тоҥор...  Аны  кэлэн
           баран  ааҥҥын  кыайан  аспаккын,  тэбиэлиигин.  Оччоҕо  эмээхситтэр  эбэтэр  кыргыт-
           тар  кэлэн  аһан  биэрэллэр.  Ол сылдьан  илиим тарбахтарын  үлүтэн,  кулгааҕым  үлүйэн,
            иэдэстэрбин  түһэрэн  кэбистим,  моонньум  эмиэ  үлүйэн,  хайдах  эрэ  кыбыс-кытаанах
           буолбут этэ. Атаҕым тарбахтарын, тиҥилэҕин эмиэ үлүтэн,  наһаа аһыйан ордук түүнүн
            ыалдьаллара.  Аны  сууммат  буолан,  наһаа  тарбанабыт.  Илиибит  хатыран  хаалан,  хап-
           хара,  быһыта баран хаан оҕуолуур,  наһаа ыалдьар.  Ол  курдук сылдьан,  сааһыары,  муус
           устарга бадахтаах,  халлаан лаппа сылыйбытын кэннэ, биир сарсыарда аһыы олордубут.
            Биир  эмээхсин  хааһыбытын  кута турбута,  биир  эмээхсин  сытар  ороммутугар  барбыта.
            Онтон  кэлэн  баран,  ол  биир  эмээхсиҥҥэ:  «Кыыс  эрэйдээх  бараахтаабыт»,  —  диэтэ.
            Ону  мин  муодарҕыыбын:  ханна  барыай,  утуйа  сытар  ини  диэн.  Онтукам,  өлбүт  эбит.
            Ону муннукка  сытыарбыттарын  өйдүүбүн,  кэлин  ылбыттар этэ.


                                                       278
   277   278   279   280   281   282   283   284   285   286   287