Page 68 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 68
II БАЙАБАНТАЙ нэһилиэгэ
Аҕабыт сэрииттэн ылбыт бааһа көбөн, онуоха бэйэтин харыстаммакка холкуос туһа
диэн үлэлээн, 1951 с. от ыйыгар олохтон туораабыта. Аҕабыт иннинэ, 1951 с. сааһыары
кыһын кыра кыыһа Ольга өлбүтэ. Онон ийэбит 5 оҕолоох сэрии кыттыылааҕын ог-
дообото буолбута.
«Аҕаҕыт Сэмэн баара-суоҕа 33 саастааҕар, улахан оҕом Ааныһым 9-тааҕар, Мотям
6-лааҕар, эн 4-хэр, Палаша 3-ҕэр, Сеня биирин туола илигинэ, миигин 34 сааспар
5 оҕолоох огдообо хаалларан өлөөхтөөбүтэ. Саатар Кыайыы буолбута 10 сылыгар тиий-
бэтэҕэ», — диэн ийэбит сааһыран баран этэрэ.
Аҕабыт өлөрө чугаһаан баран кэриэһин эппит. Онно: «Балаайаны ийэм балтытыгар
Маайа эмээхсиҥҥэ биэрээр, аҕаһым хараҕынан көрбөт, онон сирдьит оҥостуо этэ.
Биэс оҕону кыайан иитиэҥ суоҕа. Атын 4 оҕоҕун бэйэҥ илдьэ сырыт. Оҕолоруҥ аҕы-
йах сылынан туһа дьоно буолуохтара. Аҕаҥ оҕонньору, бииргэ төрөөбүттэргин тутуһан
олор», — диэбит.
Ийэбит, аҕабыт кэриэһин толорон, балтыбытын Палашаны 4 саастааҕар аҕабыт
аҕаһыгар Маайаҕа биэрэр. Балтыбытын аҕабыт ийэтэ Балаайа бииргэ төрөөбүт бал-
та Маайа эмээхсин сирдьит, доҕор оҥостон, холкуоска ыанньыксытынан үлэлиир
кыыһынаан Сидорова Марфа Павловналыын бэркэ көрөн, иитэн үлэһит оҥорбуттара.
Ити курдук биһиги кыһалҕалаах олохпут 1951 сьштан саҕаламмыта. Олох тута көм-
мөтөҕө. Ас-таҥас кырыымчык этэ. Холкуостаахтар үлэлээбит көлөһүн күннэрин хар-
чынан буолбакка, дохуот арыынан, этинэн, сиэмэнэн аахсаллара. Онтон холкуоска
сүөһү көрүүтүгэр биир өрөбүл күнэ суох, аҥаардас илии үлэтинэн үлэлээһин, ыарый-
даххына солбуйар үлэһитэ суох, отунан эмтэнэн, көмүлүөк оһох күлүнэн, куобах тири-
итинэн угуттанан сылдьаллара. Эдьиийдэрим барахсаттар оскуолаттан уһун өрөбүллэ-
ригэр кэллэхтэринэ, сайын окко үлэлии барыахтарыгар диэри хотоҥҥо саах күрдьэн,
ынах ыаһан, ньирэйи эмтэрэн баран, ийэлэрин үүтэ кэлэ сылдьар эмиийдэрин иҥсэ-
лээхтик эмэ сылдьар ньирэйдэри сосуһа сылдьан тардан баайыы кинилэр үлэлэрэ этэ.
Сайын ардах түстэр эрэ халлаантан эдьиийдэрбинээн көрдөһөр буоларбыт: «Ардах
элбэхтик түс, арыылаах лэппиэскэ сиэхпит этэ», — диэн. Эдьиийдэрим дьиэ хоспоҕор
киирэн бурдук тардар тааска бурдук тардаллара. Онно киирэн бурдук тардар тааска
сиэмэ кутарым. Бука көмөлөһүөхтээҕэр мэһэйдэһэрим буолуо.
Мин, аҕам өлөрүгэр 4 сааспын туолан, биэспэр баран эрэр оҕо, хомойбут, куттам-
мыт кэмнэрбин онон-манан, одоҥ-додоҥ өйдөөн хаалбыппын. Ол курдук маҥнайгы
өйдөөбүтүм, сайыҥҥы күн оҕус сыарҕатыгар улахан киһини тиэйэн аҕалан, дьиэҕэ
киллэрэн, хаппахчы уҥа өттүгэр ороҥҥо олортулар. Мин ол киһи иннигэр туран ки-
нини көрөбүн. Онуоха киһим: «Уйбаан, миигин билэҕин дуо?» — диэтэ. Мин сатаан
хоруйдаабатым. Ийэм кэпсииринэн, аҕабытын Тандаттан быа сыарҕаҕа, ол аата оҕус
сыарҕатын үрдүгэр өтүүнэн илим курдук баайан, сытар орон оҥорон сытыаран аҕал-
быттар. Аҕабын кытта хоонньоһо сытар үһүбүн. Моонньуттан кууһан баран утуйбутум
кэннэ аҕам: «Уойкаа, Уйбаан утуйда, ыл эрэ», — диирэ үһү.
Иккис өйдөбүлүм: ол сайын биир сарсыарда эрдэ баҕайы ийэбит биһигини үлтү
сахсыйталаан туруорда. Хайа муҥу, эдьиийдэрим мөҕүллэр буоллахтара. Төрдүөммүтүн
чугас олорор, аҕабыт ийэтин убайа Кривошапкин Өлөксөй Никитич оҕонньордоох
дьиэлэригэр Кривошапкин Иннкокентий Алексеевичтаахха илтилэр. Хаһыс күнүгэр
эбитэ буолла, дьиэбитигэр эдьиийдэрбинээн кэлбиппит. Дьиэҕэ киирэн ааны утары,
арҕаа түннүк анныгар уһун, намыһах дьааһыгы муостаҕа туруорбуттар. Ол иһигэр киһи
сытар, маҥан таҥаһынан сабыллыбыт.
Эһэм курдук саныыр киһим: «Уйбаан, аҕаҥ ол сытар. Аны хаһан да кэлбэт сиригэр
барда», — диэбитин өйдөөн хаалбыппын. Аҕабытын илдьэ барбыттарын кэннэ Криво-
шапкина Парасковья Петровна, биэлсэр Паша (биһиги оннук ааттыыр этибит), туох
эрэ сыттаах уунан ыстарбыта. Итини барытын ол сыл 9 уонна 10 саастарын туолбут
эдьиийдэрим үчүгэйдик билэн, төһөлөөх оҕо сүрэхтэрэ ытаабытын, дууһалара аймам-
мытын бэйэлэрэ эрэ билээхтээтэхтэрэ.
64

