Page 71 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 71
II БАЙА5АНТАЙ нэһилиэгэ
Егоров Дмитрий Егорович
Мин II Байаҕантай Тиит Арыыытыгар 1945 с. сайын Чөҥкөл-
лө титиигин долборугар онус оҕонон бэс ыйын 6 күнүгэр быстар
дьадаҥы ыалга күн сирин көрбүтүм. Ийэм Егорова (Оллоно-
ва) Матрена Даниловна — холкуос ыанньыксыта, аҕам Егоров
Егор Дмитриевич — хонуу хара үлэһитэ. Төрүт олоҕо Тиилийэ
алааһа. Оттон ийэм Түүлээх нэһилиэгин Оллоновтарын бииргэ
төрөөбүт балтылара. Үс сэрии кыттыылааҕа, 6 бойобуой уордьан
кавалера майор Оллонов балта.
Ийэм мин кэннибиттэн өссө 10 оҕоломмута. Ол гынан баран
тиийиммэт, кыһалҕалаах, ыарахан олохтон 14 оҕо (адьас кыра-
ларыгар) төннөөхтөөбүттэрэ. 6 оҕо хаалбыппыт. Убайым Бааска
уонна кыра былтым Даайа кэлин олохтон туораабыттара.
Ийэм ыанньыксыт буолан, кыһынын Лабыктанан, Чөҥкөл-
лөннөн, 60-с сыллар саҕаланыыларыгар Баттахха кыстыыр этибит. Сайынын Туора
Үрэххэ, Ыарҕаҕа кыра оҕо сааспытыгар сайылык сибэккилээх, мүөттээх, элбэх лыах
үрүмэччилээх, кустаах, куобахтаах, куртуйахтаах, улардаах, өлгөмнүк үүнэр сир астаах,
отонноох айылҕабыт барахсаҥҥа күөлэһийэн улааппыппыт.
Алаас эбэҕэ 50-с сылларга сайылыыр этибит. Тиит Арыыга оччотооҕуга оскуола суох
буолан, 1953 с. Танда 7 кылаастаах оскуолатыгар ньолобуой кылааска үөрэнэ киирби-
тим. 12 сыл интэринээккэ олорон 1965 с. 10 кылааһы бүтэрбитим. Ол күһүн атырдьах
ыйыгар 20 саастаахпар Советскай Армияҕа ыҥыры.тлан үс сыл сулууспалаабытым. Туй-
гуннук сулууспалаан, 1966 с. дойдубар уоппускаҕа кэлэн барбытым. 1968 с. сайын дем-
беллэнэн, ол күһүн Тиит Арыы кулуубугар сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ ылбыттара. Биир
сыл үлэлээн баран, 1969 с. күһүн Дьокуускайга ДьПУ-1 музыкальнай отделениетыгар
ырыа учууталын идэтигэр үөрэххэ киирбитим. 4 сыл үөрэнэн бүтэрэн, 1973 с. Таатга
Харбалаах бөһүөлэгин орто оскуолатыгар ырыа учууталынан үлэбин саҕалаабытым.
1974 с. кэргэннэммитим, 2 уол, биир кыыс оҕолонон отучча сыл онно олорбутум, үлэ-
лээбитим. Үлэбитинэн дьоҥҥо, норуокка сирдэрбэтэхпит. Кэргэним омук тылын учуу-
тала этэ. Таатга кыыһа, Кулачиковтар сыдьааннара. Саха норуоднай поэта Эллэй аймаҕа.
2002 с. Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕэр көһөн кэлбиппит. Онно эмиэ оскуолаҕа
үлэлээбитим. 4 кыыс сиэннээхпин. Билигин сыниьалаҥҥа олоробун.
Егоров Иван Иванович
Мин 1940 с. Уус Атдан улууһун II Байаҕантай нэһилиэ-
гэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Аҕам — Тиилийэ
арҕаа баһыгар Тараһа диэн сиргэ олохтоох Бүөтүкэ уола Уй-
баан Дьөгүөрэп. Ийэм — Тандыгы үрэҕин Хара Төҥүргэстээх
диэн сиргэ олохтоох Маайа Саабылыскайа. Эбэм эмиэ Маайа
диэн, онон ийэм, норуокка биллэринэн, күн бүгүҥҥэ диэ-
ри аата Маайа Маайата диэн. Аҕам Танда сэттэ кылаастаах
оскуолатын бүтэрэн, холкуоска биригэдьиирдээбит, сэбиэккэ
бэрэссэдээтэллээбит. Аҕам ийэбин кытта 1939 с. холбоһон ыал
буолбуттар. Хомойуох иһин, 1940 с. аҕам улаханнык ыалдьан,
Дьокуускайга эмтэнэ сытан өлбүт, мин кини өлбүтүн кэннэ
төрөөбүппүн. Онтон ыла ийэм кэргэн тахсыбатах, оҕоломмо-
тох. Кини холкуоска ыанньыксытынан үлэлээбитэ, ас-таҥас кырыымчыга, үлэ ыара-
хана, онон эдэр сааһыгар ыарыһахтаабыт.
Сэрии буоларын кытга абаҕаларым Егоров Николай Петрович, Егоров Прокопий
Никифорович ыҥырыллан барбыттар уонна сэрии толоонугар хаалбыттар, төннүбэтэх-
67

