Page 70 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 70
II БАЙАБАНТАЙ нэһилиэгэ
Матрена Семеновна 1965 сыллаахха оройуоннааҕы промкомбинакка тырахта-
рыыһынан үлэлиир Васильев Кузьма Алексеевичтыын ыал буолбуттара. Кузьма Алек-
сеевич ийэтэ эрдэ өлөн, 14 сааһыттан, оччотооҕу оҕо сиэринэн, холкуоска үлэлиир.
Олох, үлэ ыарахатгарын оҕо сааһытган билбитэ. Киирии ийэтэ 4 оҕолонор. Онон үлэ-
тин быыһыгар оҕо көрүүтэ, дьиэ ис-тас үлэтэ киниэхэ буолара. 15-16 саастаах оҕоҕо
кыһын тохсунньу, ахсынньы ыйга холкуос сүөһүлэрин уулатыы, күн ахсын ойбон алла-
рыы, балбааҕы хоҥнорон оҕуһунан тиэйэн тоҕуу туһугар ыарахан үлэ буоллаҕа. Кууһу-
ма, 18 сааһын туолан, армияҕа ытык иэһин толорор, тырахтарыыс, суоппар идэлэрин
баһылыыр. Эппитим курдук, 1965 сыллаахха иккис эдьиийбинээн ыал буолан, 50 сыл
бииргэ олорон, 4 оҕолонон, элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн саха дьоһун ыала буолан
олороннор, күтүөтүм, сэрии сылын оҕото Васильев Кузьма Алексеевич 2017 сыллаахха
олохтон барбыта. Матрена, Кузьма Васильевтар 4 оҕоттон үһүн үрдүк үөрэхтээн, биир-
дэрин орто анал үөрэхтээн, 3 сиэннэрин үрдүк үөрэҕи бүтэттэрбиттэрэ.
Кузьма Алексеевич оройуоннааҕы дьиэлэри тутар учаастакка пенсияҕа тахсыар диэ-
ри суоппарынан үлэлиир сылларыгар хас сыл ахсын былаанын аһара толороро. Со-
циалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Уус Алдан улууһун со-
циальнай-экономическай сайдыытыгар таһаарыылаах уһун сыллардаах үлэтин иһин»
бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылын оҕолоро сэрии кэ-
мигэр, сэрии кэннигэр бүгүҥҥү олохпут тупсуутугар, улуус социальнай-экономическай
сайдыытыгар элбэх сыраларын биэрбиттэрэ. Оҕолонон, кинилэри улаатыннаран, үөрэт-
тэрэн олоххо бэлэмнээх, дойдуга бэриниилээх дьон буолууларыгар элбэҕи оҥорбуттара.
Кинилэр үтүө ааттара, таһаарыылаах үлэлэрэ, төрөөбүт дойдуларын сайдарын,
тупсарын туһугар үлэлээбит көлүөнэ үтүө холобурдара сотуллан, умнуллан, өлбөөдү-
йэн хаалар туһа суох.
Сэрии сылын оҕолорун оҕолоро, кэнчээри ыччатгара таһаарыылаах, түмсүүлээх,
эйэлээх үлэлэринэн нэһилиэктэрин, улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин, Улуу Россияны
сайыннарыахтара, бөҕөргөтүөхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин.
Бырааттара
Иван Семенович Калининскай,
өрөспүүбулүкэ бочуоттаах бэтэрээнэ,
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ
Готовцев Семен Федорович
1937 сыллааҕы төрүөх. Аҕата Готовцев Федор Софронович,
ийэтэ Анна Прокопьевна, 2 Байаҕантай нэһилиэгэр Бөрөлөөххө
олорбуттара.
Сэмэн Федоровичтаах 4 бииргэ төрөөбүттэр. Оҕо сааһа Үөһээ
Үрэх Хотуоһаптар өтөхтөрүнэн, Чэчиҥэнэн, Тааттанан ааспыта.
Үлэһит буолан, 40-тан тахса сыл Тиит Арыы бөһүөлэгэр лес-
нигинэн үлэлээбитэ.
Өбүгэлэрин аатын үйэтитэн, сэриигэ барбыт «Пятилетка»
холкуостаахтарыгар өйдөбүнньүк пааматынньыгы Кыайыы 70
сылыгар оҥорбута. Тиит Арыы нэһилиэгин бочуотгаах олох-
тооҕо, элбэх грамоталаах, махтал суруктаах.
Готовцева Е.С. кытта ыал буолан, 3 оҕону төрөтөн, элбэх
сиэн, хос сиэн тапталлаах эбэлэрэ, эһэлэрэ. Тандаҕа олорор.
66

