Page 9 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 9
Сэрии кэмин оҕолоро
үлүгэрдээх ыар олоҕу олорон киһи-хара буолбуттара. Хара көлөһүннэрин тоҕоннор,
күүстэрэ кыайарынан үчүгэйдик үлэлээбиттэринэн сэрии оҕолоро сааһыран олорон
киэн туттуохтарын тутталлар. Аһаҕастык, туох да кыбыстыыта суох этэр, суруйар кыах-
таахтар. Кинилэр 1945 сылтан эйэлээх олоҕу тутуспуттара.
Кыайыы сылын оҕолоро 1945 сыллаахха төрөөбүтгэрэ. Кинилэр сэрии кытгыылаах-
тарын, инбэлиитгэрин, тыылга харса суох үлэлээн доруобуйатарын сүтэрбитгэр оҕолоро
буолаллар. Кинилэртэн сорохторун ийэлэрэ-аҕалара эрдэ олохтон туорааннар, тулаайах уон-
на тулаайах аҥаардаах олоҕу олорбуггара. Үгүстэрэ интэринээт көмөтүнэн киһи-хара буо-
лан, үөрэнэн, идэ ылан Сахабьгг сирэ, төрөөбүт улуустара, нэһилиэктэрэ сайдарын туһугар
дьиҥ-чахчы кыһаллан үлэлээбиттэрэ. Оҕо-уруу тэнитэн нэһилиэнньэ ахсаанын элбэппит-
тэрэ. Кыайыы сылын оҕолоро, билигин төһө да 75 саастара буоллар, кыахтара тиийэринэн
үлэлии, сүбэлии, эдэр ыччакка холобур буола сылдьаллар, көлүөнэни ситимнииллэр.
Сэрии уодаһыннаах сылларыгар уһун сут буолбутун туһунан элбэхтик истэбит, хаһыат-
тарга да суруллар. 1940—1945 сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «холкуос үбүн-баайын
сиэтэ, ыскайдаата», бэйэтин бас билэр сүөһүтүн сиэн государствоҕа хоромньуну таһаар-
да диэн 67643 киһиэхэ дьыала тэриллэн суукка бэриллэр. Ол иһиттэн 53943 киһи хаа-
йыллар («Кыым» хаһыат, кулун тутар 26 күнэ, 2020 сыл 11 №-рэ, СӨ үтүөлээх үлэһитэ
Наталья Степанова кылгатан оҥоруута). Олор истэригэр Түүлээх нэһилиэгин «Хатты-
гы» холкуоһун бэрэссэдээтэлэ Стрекаловская Матрена Васильевна быһыллыбыт сиэмэ
куолаһа сонуокка (бааһынаҕа) түспүтүн аччыктаан эрэр дьоҥҥо хомуйан ылалларыгар
көҥүллээбитин иһин дьыала оҥорон оройуон суутунан биэс сылга хаайыыга уураахтанар.
Матрена Васильевна сыл курдук хаайыыга олорон баран босхолонор. Хоро нэһилиэгэр
«Хатыҥ Сыһыы» холкуоска биригэдьииринэн үлэлиир Крылов Николай Михайлович
(норуокка биллэринэн Крьшов милиция) холкуостаахтар аччыктаан эрэллэритгэн ыһыы
сиэмэтитгэн ордорон дьоҥугар көмө оҥорбутун биир дьахтар билэр дьонугар кэпсээби-
тин истэннэр, дьыала тэрийэн суукка түһэрбиттэр. Суут кэмигэр кырдьаҕас оҕонньор
буруйу бэйэтигэр ылынан суутганан хаайыыга олорбут. Эдэр Ньукулай Крылов Аҕа дой-
ду сэриитигэр барар, Дьылҕа Хаан үтүө санаалаахтарга көмөлөһөн буоллаҕа — оҕонньор
хаайыытган, Николай Михайлович Крылов уоттаах сэрииттэн тыыннаах эргиллэллэр.
Уус Алдантан төрүттээх, кыра үөрэхтээх Наталья Васильевна Готовцева (Натаа Хо-
туоһап) Чурапчы Кытаанаҕыттан «Бойобуой» холкуос бэрэссэдээтэлэ, Гражданскай
сэрии кыттыылааҕа С.П. Собакин сэриигэ барбытын солбуйбут. Наталья Васильевна
1943 сыл сайыныгар тулаайах хаалбыт уонна хоргуйан өлөөрү гыммыт оҕолорго дьаа-
һыла аспыт. Ол иһин биир да киһини хоргутан өлөрбөтөх. Ол дьааһылаҕа Иван По-
номарев быраатынаан сылдьыбыт. Ол туһунан Иван Пономарев маннык ахтар: «Ити
кэмҥэ биһиги аттынааҕы «Эдэр ыччат» холкуоска элбэх киһи хоргуйан өлөн, сэттэлии
киһини биир ииҥҥэ көмөллөр этэ» диэн кэпсэтэллэрин истэрим. Сааһырдаҕым ахсын
Натаа Хотуоһабы сыаналыырым, махтанарым улаатан иһэр. Ол бэлиэтин 2018 сыл-
лаахха икки уолбунаан кини аатын суруйан дьааһылабыт миэстэтигэр улахан мэҥэ таас
туруорбуппун астына саныыбын. (Иван Пономарев. Чурапчы. «Туймаада» хаһыат, 2020
сыл, ыам ыйын 28 күнэ, 511№-рэ, 5-сирэйэ).
Матрена Васильевна Стрекаловская, Николай Михайлович Крылов, Наталья Васи-
льевна Готовцева курдук норуоттарын туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллар, кырдьык
туһугар туруулаһар дьон элбии, кинилэр хорсун быһыылара үйэлэртэн үйэлэргэ кэлэр
көлүөнэҕэ холобур буолан уһуйа турдуннар.
Эрэй эҥээрдээх оҕо саас туһунан сэрии кэмин оҕолорун ахтыыларын хомуйбут кы-
раайы үөрэтээччилэргэ, нэһилиэктэр бэтэрээннэрин сэбиэтгэригэр, үйэтитиигэ үлэ-
лэһэр үтүө дьоммутугар махтанабыт.
И.С. Калининскай,
улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ,
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын
үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ
5

